Дьиэ кэргэн – обществобыт туллар тутааҕа, бастакы ууруллар түөрэҕэ. Онон дьиэ кэргэн төһөнөн чиҥ чиргэл санаатынан¸үтүөнү үксэтэр үтүө майгытынан салайтаран олоҕун оҥостор да үүнэр сүһүөх ыччата ол курдук олоххо тардыһыылаах, үлэһит көнө сүрүннээх буолар. Олохтоох администрация уонна А.М. Сидорова аатынан “Ситим” КК Дьиэ кэргэн күнүгэр сэһэргэһэр, сайыннарар, түмэр тэрээһиннэри ыытыахха диэн сүбэлэһэн нэдиэлэ устата араас тэрээһиннэри былааннаатылар.
Видео в VKontakte: Перейти в ВКВидео в VKontakte: Перейти в ВК