Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар Күөрдэмҥэ, балаҕан ыйын 19 күнүгэр кэскили түстэһэр кэнчээри ыччаттарбытыгар дьоһун бэлэх — дьон-сэргэ олоҕун тупсарарга туһуламмыт «Уһук Илиҥҥи тиэргэннэри тупсаҕайдык тутуу» бырайыагынан аныгылыы тутуллубут оҕо площадкатын алгыстаах аартыгын арыйар үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Урааҥхай Саха үтүө үгэһинэн, үйэлээх тутуубут аатыгар арыылаах алаадьынан Андрей Скрябин алгыһын анаата.
Биһиги бүгүн киэн туттабыт нэһилиэкпит кэскилин түстэһэр талааннаах ыччаттарбытынан. Бу күн үөрүүтүгэр кыттыһан Быр.Николаевтар ааттарынан 2-Дьөппөн орто оскуолатын орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ эҕэрдэ үҥкүүлэринэн уонна ырыаһыт уолчаан Өркөн Скрябин ырыатынан э5эрдэлээтилэр.
21- с үйэ балысхан сайдыытын батыhа үүнэр — сайдар Күөрдэммитигэр оҕо площадкатын тутуутун иилээбит бас- көс дьоммутугар- СӨ Ил Дарханыгар. Архитектура уонна куораты тутуу салалтатыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах фондатын дьаһалтатын «ЛЕТО» компетенция киинин салалтатыгар. Тус бааччы үлэлэспит- бу бэртээхэй площадканы таҥан, силигин ситэрэн туппут-оҥорбут «АДЕМ» хаччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутааччыларыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Саҥа площадкабытыгар кэнчээри аймах мустан, үүнүү-сайдыы суолун түстээтин.