Сана дьыл 2025

Тохсунньуттан токоолоспут
Олунньуттан олоотобут
Балаҕаҥҥа киириэхтэн баҕа санаа оҥостубут
Кэтэһиилээх күндү кэммит
Күлэн – үөрэн сандааран
Күлүмүрдээн тиийэн кэллэ.

Төрөөбүт түөлбэбитигэр 2 Дьөппөҥҥө Саҥа дьылы көрсө Култуура киинин дьиэтигэр элбэх дьон- сэргэ муһунна.  

Саҥа дьылга туох үчүгэй оҥоһулунна, туох түмүктэр баар буоллулар диэн хайа баҕар киһи толкуйдаан ылар буоллаҕа. Ол курдук быйыл дойдубутугар  Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларын чэрчитинэн  Дьөппөҥҥө элбэх квартиралаах дьиэ сыбаайата түстэ, саҥа площадка арылынна, суолбут тупсарылынна, итии уонна сайыҥҥы уу ситимэ киирдэ. Бырааттыы Николаевтар ааттарынан орто оскуола региональнай « Инносфера » проект республиканскай этабын кыайыылааҕа, республика агротехнологическай хайысхалаах оскуолаларын икки ардыларыгар ыытыллар конкурска «Ландшафтный дизайн» 2 миэстэ, «Оҕуруот аһын олордууга» 3 миэстэни ыллылар. “Молодой учитель”күрэххэ саха тылын учуутала Прасковья Сивцева “Молодой учитель заречья”кыайыылааҕа буолла. Онтон культура эйгэтигэр республикатааҕы көрүүгэ Майя Скрябина «Лучший работник учреждения культуры»диэн ааты ылла. Государственнай пабликтары көрүү республикатааҕы күрэҕэр “Туйгун” паблик аатын “Ситим” КК уонна “Самыртай” музей комплекс ыллылар. Биир улахан ситиһиибитинэн “Күөртээх Күөрдэмнэр”диэн кинигэбит таҕыста. Сотору сүрэхтэнииитэ буолуоҕа. 2-Дьөппөн нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Ольга Аполлоновна Петухова бу киэһэ көхтөөх үлэ тэрилтэлэригэр махтал суруктары туттартаата.  «Ситим» КК үлэтигэр өйөбүл буолар спонсордарыгар Кузьминнар, Пахомовтар ИП дьиэ кэргэттэригэр, народнай тыйаатыр артыыһыгар Раиса Эверстоваҕа  махтал суруктары туттарда. Дьиэ кэргэн сылынан нэһилиэк култуурунай тэрээһиннэригэр көхтөөтүк кыттар дьиэ кэргэҥҥэ «Ситим» КК анал бириэмийэтин Федоровтар дьиэ кэргэттэригэр (Каролина, Юристан) туттарда. Аны да көхтөөх эдэр дьиэ кэргэттэр нэһилиэкпитигэр эбиллэн истиннэр. Бу кэннэ Саҥа дьыллааҕы түһүлгэни маскарааттар киэргэттилэр.

«Кыһыл көмүс балыкчаан”- аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ

«Эриэппэни»– 2 Дьөппөн администрацията

“Теремогу”- Культура эйгэтин үлэһиттэрэ

“Герои сказок много лет спустя”- Туллукчаан оҕо саадын коллектива

“В деревне Дедморозовка”- Сканди түмсүү

Бу киэһэни саҥа дьыллааҕы маскарааттар араас остуоруйалары уларытан көрдөрдүлэр. Олус үчүгэй интэриэһинэй маскарааттар, ырыалар- тойуктар, үҥкүүлэр туруорулуннулар. Дьэ уонна үгэс быһыытынан Тымныы оҕонньор Хаарчаанатынаан киирэн бар дьону эҕэрдэлээтилэр, араас күрэхтэр кыттыылаахтарын бэлиэтээтилэр.  Ити курдук көхтөөх бар дьоммут үөрүүгэ- көтүүгэ кыттыһан Саҥа дьылы  көрсөр киэһэбит элбэх эҕэрдэлээх, ырыалаах- үҥкүүлээх буолла.

Күндү бар дьоммут сылаас холумтаннаах Иэйэхсит эдьийбит сыла салаллыбытынан дьиэҕитигэр өрүү дьол-соргу олохсуйдун, ил-эйэ эрэ эҥээрдэстин, баай-талым олбохтоох бараммат  байылыат эйэлээх олох эргийдин.  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *