«Дьырыбына Дьырыалыатта кыыс бухатыыр»
Айгыр силик айылҕалаах
Айыллыбыт аан ийэ дойдубут
Ача күөҕэ анньан
Алаас сибэккитэ симэнэн
Толору туолан турар кэрэ кэмигэр
Кэҕэ кыылы кытта кылыһахтаан туойа
Күөрэгэйи кытта тэҥҥэ ыллаһа
Күөрдэммит сирин кэрэ мааны кырдалыгар
Олоҥхо киэһэтэ
Чуумпура налыйда.
Уус- уран тыл аанын сэгэтэн
Олоҥхо дойдутун быыһын арыйан
Саха кэрэ куота олоҥхолоон барда…
“Куйуур олоҥхото 2022, 2024 с.с”– 1 Үрдэл хаһаайката , СӨ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, А.Н. Жирков анал бирииһин, ХИФУ профессора Галина Семеновна Попова – Санаайа анал бирииһин хаһаайыннара, Амма улууһугар ыытыллыбыт «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» диэн Олоҥхо ыһыаҕар «Уһун тыыннаах олоҥхоһут» анал аат хаһаайына Прасковья Лебедева кэрэ куолаһынан олоҥхо ойуулаах – дьарҕаалаах киэһэтин саҕалаата.
Паша бэйэтин туһунан кылгастык маннык суруйар: ”Семен Дмитриевич, Ольга Петровна Лебедевтар дьиэ кэргэҥҥэ 4 оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оҕо эрдэхпиттэн ырыаны-тойугу сөбүлээн улааппыт буолан Дьокуускайдааҕы Марк Николаевич Жирков аатынан музыкальнай колледжка РСФСР, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Гаврил Гаврильевич Колесов аатынан төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Саха толорор төрүт үгэстэригэр СӨ култууратын туйгуна, филологическай наука кандидата Обоюкова Варвара Валерьевна уһуйбута. Нам улууһун Аар-саарга аатырбыт олоҥхоһута Прокопий Прокопиевич Ядрихинскэй – Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр” олоҥхотун үөрэтэн саҕалаабыппыт. Училище кэннэ Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар, төрүт култуура салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Бу үөрэнэр кэммэр Монголиятааҕы култуура уонна искусство университетыгар биир сыллааҕы стажировкаҕа, монгол култууратын, тылын, ырыатын-тойугун үөрэтэр сыаллаах үөрэнэ барбытым. Улан-Батор куоракка култуура университетын муусука факультетыгар, монгольское протяжное пение – уртын дуу диэн салааҕа үөрэммитим. Ону таһынан хомуска монгол оҕолорун уһуйбутум. Чингельтэй оройуонун баһылыгыттан Монгол омук хэл-хуур (варган) оонньуур култууратын сөргүтүүгэ кылааты киллэрбитим иһин махтал суруктарынан наҕараадаламмытым. Үөрэхпин ситиһиилээхтик түмүктээн кэлэн дойдубар институппун ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Билигин Хаҥалас улууһун култууратын салаатыгар «Арчы дьиэтигэр» специалиһынан үлэлиибин”
Үөрэппит- ииппит оҕобут олоҥхолоон доллоһутан, кыыс оҕо кылааннааҕа, уол оҕо одьунааһа буолан олоҥхо дойдутун үөһээ- аллараа сиксиктэринэн сиэллэрдэ. Куолас мааны, кылыһах кэрэ. Аныгылыы эттэххэ антрага суох, тоҕус мүнүүтэ тохтобула суох биир чаастаах олоҥхону толорон кэбистэ. Олоҥхо эйгэтин иһиллээн олорооччулар сөрү диэн сөҕөн, махтайан ытыспыт тыаһынан доҕуһуоллаан, “ноо”, “дьэ” диэн сэҥээрэн аптаах-алыптаах эйгэҕэ киирэн ыллыбыт. Прасковья Семеновнаҕа устар ууну сомоҕолуур уус тылынан, уһун тыынынан сахалыы ырыаны- тойугу, төрөөбүт тылы өрө тутан сайдар саҕахтары арыйа туруоҕар, төрөөбүт түөлбэтигэр, Хаҥалас сиригэр төрүт тыыны үйэтитэр үтүө үлэтэ тахсыылаах, ситиһиилээх буоларыгар баҕарабыт!
Саргылана Федорова