Ньукуолун күнүнэн!

🌞🌞🌞🌞🌞🌞🌞🌞🌞🌞🌞
Ньукуолун күнүнэн,
Самаан сайын кэлбитинэн,
Илгэ-быйаҥ саҕаламмытынан,
Чээл күөх окко үктэммиппитинэн,
От-мас чэлгийбитинэн
Итии-истиҥ эҕэрдэ!
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Ыам ыйын 22 күнүгэр, сынньалаҥ пааркаҕа, күөххэ үктэммит үөрүүлээх, самаан сайыны көрсөр күүтүүлээх күнэ – Ньукуолун бырааһынньыга буолан ааста.
Саха сиэринэн салама ыйааһына, алгыс сиэрэ-туома толорулунна.
Араас күрэхтэргэ дьон көхтөөхтүк кытыннылар
«Былааттаах кыргыттар» ураты устуоруйалаах, кэрэ көстүүлээх былааттарга күрэх буолла ону тэҥэ «Табыгастаах таҥас-сиэдэрэй сиидэс» бэйэ тиктибит сайыҥҥы таҥас күрэҕэр кытыннылар. Эбиэт кэмигэр түһүлгэлээн олорон оллооҥҥо буспут кус миинин, алаадьылаах итии чэй иһэ-иһэ,
Аан дойдуга Дьиэ-кэргэн күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа уонна Ньургуһун күнүгэр анаммыт самаан сайыны көрсөр, нэһилиэк араас эйгэтигэр үлэлиир дьоммут эҕэрдэ кэнсиэрин бэрт сэргэхтик көрдүлэр. Кэнсиэр кэннэ араас спортивнай күрэхтэргэ кыттан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Уйгу-быйаҥ аргыстаах самаан сайын барахсан хас биирдии дьиэ-кэргэҥҥэ үрдүк үүнүүнү, өлгөм сир аһын, үтүө сынньалаҥы, үгүс үтүө үөрүүнү аҕаллын!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *