⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Саха киһитэ кыстыкка төгүрүк сыл устата бэлэмнэнэр ол курдук саас мастаан, сайын оттоон, күһүн сир астаан, кыһын муус ылан бэлэмниир…
🧊🧊🧊🧊🧊🧊🧊🧊🧊🧊🧊
Ааспыт нэдиэлэ өрөбүллэригэр Күөрдэм нэһилиэгин эр дьоно, үтүө үгэскэ кубулуйбут «МУУС ЫЛААҺЫНА» күргүөмүнэн субуотунньук тэрийдилэр. Ол курдук соҕотох олорор аҕам саастаахтарга, көмөҕө наадыйааччыларга, итиэннэ быстах хомуурга сылдьар буойуттар дьиэ кэргэннэригэр муус ылан түҥэттилэр. Субуотунньукка кыттыбыт, күүс-көмө буолбут дьоммутугар махтанабыт!