«Игру принято называть основным видом деятельности ребенка. Именно в игре проявляются и развиваются разные стороны его личности, удовлетворяются многие интеллектуальные и эмоциональные потребности, складывается характер» Б.П.Никитин
Оҕолор сүрүн дьарыктарынан оонньуу буолар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох. Кыра, орто саастаах оҕо өйүгэр тутар, оҥорон көрөр, болҕомтолоох буолар дьоҕурдара оонньуу нөҥүө сайдар. Ол иһин, оонньуу араас көрүҥүн хас биирдии иитээччи, учуутал бэйэтин үлэтигэр туттар ньымата.
2 Дьөппөн нэһилиэгэр «Күөртээх Күөрдэмнэр» диэн улахан бырайыакка кыттыһан, уһуйаан иитээччилэрэ уонна оскуола учууталлара остуол оонньууларын айан, киэҥ араҥаҕа таһаарарга үлэлэһэ сылдьаллар.
Ол курдук, «Туллукчаан” уһуйаан иитээччилэрэ “Уус кыһата” диэн, оскуолаҕа киирэ илик оҕоҕо сөптөөх лото-оонньууну толкуйдаабыттар.
“Лото” диэн тылы Ожегов С. И. нуучча тылын тылдьытыгар маннык быһаарбыт: «Лото — игра на особых картах с номерами или картинками, которые закрываются фишками».
“Уус кыһатын” оҥоруу Федорова Саргылана Семеновна салайыытынан кылгас кэм иһигэр бэрт тэтимнээхтик барбыт. Лото-оонньуу ааптардара: Лебедева Арианда Николаевна, Спиридонова Сахая Владимировна, Карамзина Валентина Егоровна, Леонтьева Людмила Дмитриевна, Адамова Анастасия Николаевна, Леонтьева Александра Николаевна, Лебедева Кюннэй Михайловна — оҕолор оонньуу нөҥүө тылларын саппааһа сайдарыгар, болҕомтолоох, тулуурдаах буолалларыгар, өбүгэлэрбит туттубут тылларын тутта үөрэнэллэригэр, бу саастарыгар сөп түбэһэр ойуулардаах уонна сорудахтардаах остуол оонньуутун оҥорбуттар.
Лото остуолга ууран оонньуурга сɵптөөх 4 улахан карточкалартан турар. Темалара манныктар:
— Уус уһанар тэрилэ;
— Тимир ууһа оҥорбут дьахтар киэргэлэ-симэҕэ;
— Тимиртэн оҥоһуллубут туттар тэрил;
— Тимир араастара.
Ону таһынан 36 кыра пластиковай араас ойуулаах карточкалардаах (фишка). Фишка аллараа өттүгэр мал аата суруллубут». Саамай үчүгэйэ, лото икки тылынан — нууччалыы уонна сахалыы оҥоһуллубут. Онон, оонньуу оҕо уус туттар тылын билэригэр, өйдүүрүгэр ордук табыгастаах.
Оскуола саастаах оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо анаан «Күөртээх уустар» оонньууну 2 Дьөппөн орто оскуолатын алын кылаас учуутала Климентова Наталия Николаевна оҥорбут. Айар бөлөххө 2 Дьөппөн орто оскуолатын учууталлара Лебедева Анжелика Николаевна, Иванова Галина Ивановна — Айтыына Уран, Хоточчу сүрүн оскуолатын учуутала Черноградская Раиса Давыдовна үлэлээбиттэр.
Оонньуу Хаҥалас улууһун Самыртай хочотун уустарын билиһиннэрэр ис хоһоонноох. Манна тылы үйэтитэр, сайыннарар, билиини тургутар сыаллаах. Со5отоун, бөлөҕүнэн уонна дьиэ кэргэнинэн оонньуурга табыгастаах.
Оонньуу 36 ыйытыылаах хаартыттан турар. Хаарты биир сирэйигэр ыйытыы, иккис сирэйигэр сөптөөх хоруй баар. Оонньотооччу хаартыны талан ыйытыыны ааҕар. Оонньооччу сөптөөх хоруйу биэрдэҕинэ, баал эбиллэр. Элбэх сөптөөх хоруйу биэрбит — кыайар.
“Күөртээх уустар” ыйытыыларын толкуйдуурга Р.К.Захаров аатын сүгэр Самыртай кыраайы үөрэтэр түмэл тэриллэрэ көмө буолбуттар. Онон, бу түмэлгэ сылдьан, уус тэриллэрин үөрэтэргэ оҕолору умсугутарга, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыларыгар болҕомто ууруллар.
“Уус кыһата” уонна “Күөртээх уустар” остуол оонньуулара оҕо билиитин хаҥатарга, тылын-өһүн, өйгө тутар дьоҕурун сайыннарарга, дойдутун историятын үөрэтэргэ туһаайыллыбыт.
Бырайыак «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление» салалтатынан үбүлэннэ. 188 560 солкуобайга 120 остуол оонньуута бэчээттэннэ. Оонньуу Самыртай хочотун оскуолаларынан уонна уһуйааннарынан тарҕатылынна. Онон, инникитин уус култууратын үйэтитии нөҥүө саха тылын сайыннарар, харыстыыр соруктаах араас хабаннаах үлэ ыытыллыаҕа.
Лебедева Тамара Егоровна, З.И. Ксенофонтова аатынан Покровскай уопсай үөрэхтээһин 2-с № оскуолатын саха тылын учуутала