Күөрдэмҥэ Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээьиннэр буолан аастылар.

  • Главная
  • Новости
  • Күөрдэмҥэ Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээьиннэр буолан аастылар.

Күөрдэмҥэ Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах тэрээьиннэр буолан аастылар. Ол курдук Олеся Александрова араас эгэлгэ таастарынан ачыкы киэргэлигэр маастар кылаас ыытта. Нөҥүө күн Мария Борисова парикмахер өҥөтүнэн туһанан баттах кырыйтаран, кырааскалатан киэргэнэн тарҕастылар. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ сылаас чэйдээх сандалы тула «Дойдум эмтээх отторо» Н.П.Харитонова кэпсээтэ, сырдатта. Ону сэргэ оонньоон, күлэн-үөрэн сэмэй бириистээх тар5астылар. Күндү Аҕам саастаах дьоммутугар чэгиэн туругу, нус-хас дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *