«Күөрдэм көмүс күһүнэ» айар иэйии  түһүлгэтэ

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр 2-Дьөппөҥҥө А.М. Сидорова аатынан КК уонна Р.К. Захаров аатынан  түмэл көҕүлээһиннэринэн быйылгы сылга тыл сайдыытыгар үлэлэһэр сыаллаах «Күөртээх Күөрдэмнэр» бырайыак чэрчитинэн, Россияҕа учуутал уонна наставник,  Саха сиригэр Үлэ, Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар анаммыт “Күөрдэм көмүс күһүнэ” айар иэйии  түһүлгэтэ тэрилиннэ. Түһүлгэҕэ литературнай түмсүүлэр кытыннылар: “Иэйии” республикатааҕы коммерческайа суох литературнай түмсүү (салайааччы Илья Ильич Афанасьев- Алмаас), “Айар кут” регионнааҕы хоһоонньуттар уонна суруйааччылар сойуустара, (салайааччылар Анатолий Гаврильевич Кириллин, Данилова Зоя Никандровна), Хаҥалас улууһун “Өлүөнэ долгуннара” литературнай түмсүү (салайааччы Людмила Николаевна Колесова) уонна  2 Дьөппөн нэһилиэгин “Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр” литературнай түмсүүтэ (салайааччылар Саргылана Сайын, Айтыына Уран). Поэзия күнэ “Самыртай” түмэлгэ саҕаланна, айар муза көмүс дьүрүскэнэ түмэл саалатыгар кутулла оонньоото. Бу кун программата олус киэҥ буолла. Ол курдук Айтыына Уран хомуйан таһаарбыт “Туруук хайа” диэн кинигэтигэр киирбит ааптардар хоһооннорун ааҕыы музейга баар Туруук хайа дьүһүлгэнин иннигэр ыытылынна. Бииртэн биир эриэккэс тыллары истэн Күөрдэммит көмүс сэбирдэхтэрин кытта тэбис-тэҥҥэ көтөр турукка киирдибит. Хоһоон алыбыгар уһуннубут. Онтон «Хоһооммор хоһуйан» диэн күрэх ыытылынна. Кэрэ хоһоону кытта поэзия  төгүрүк түһүлгэтигэр лыҥкыныыр, доргуйар, дьирибиниир, кустуктана оонньуур көччүрэҥҥэ көттүбүт. Бу кэннэ ыалдьыттарбыт астына – дуоһуйа Хачыкааттааҕы Николаевскай таҥара дьиэтигэр, дьикти түүл буолан ыҥыра угуйбут Туруук хайаҕа, көмүс солкоҕо сууламмыт хатыҥ арыыга дьаарбайан- күүлэйдээн, сэниэ- күүс ылынан, чэбдигирэн, ыраастанан кэллилэр. 

Хоһоонньуттар бу сайын ыытыллыбыт «Таасуусфест» бетон скульптуратын скверигэр чочуллубут скульптуралар историяларын билсэн “Күөртээх уус”тута хоһуйуу күрэҕэр кытыннылар. Уонна «Мин сурук кынаттаахпын»  диэн эдэр ааптарбыт Руслан Скрябин хоһооннорун ааҕыы күрэҕэ бэрт сэргэхтик ааста.  2 Дьөппөн хоһоонньуттарын «Күөрэгэйдээх Күөрдэммэр» диэн кинигэлэрин хомуурунньуга сүрэхтэннэ. Кинигэни Айтыына Уран, Саргылана  Сайын хомуйан таһаардылар. Киирии тылы Айтыына Уран бэрт иһирэхтик маннык диэн саҕалаабыт: “Көҕөрөн көстөр халлааннаах, күөхтүүр ньаассын көбүөр оттордоох, күөрэгэйдиир чыычаахтаах Күөрдэммит көнө хонуутугар таралыйа таалалаан, иирэ талах эҥэрдээх, кырылыыр көмүс кытыылаах, үрүлүйэр сылаас уулаах үрэҕэр чомполоно сөтүөлээн, дьикти кэрэ айылҕатын ыраас салгынынан түөһү толору дуоһуйа тыынан, дьоһун-үлэһит дьоннорунан киэн тутта улаппыт дьон- биһиги буолабыт” . Айтыына Уран хас биирдии ааптар хоһоонун нарылаан ырыппыт. Киирии тыл түмүгэр  «сылаас илгэлээх «Күөрэгэйдээх Күөрдэммэр» диэн бэйэ-бэйэлэриттэн ураты тыыннаах, тус-туһунан уйулҕалаах айымньылары” кытта билсэргэ ыҥырбыт.  Кинигэҕэ 18 ааптар хоһоонноро хомуллубут.  Бу хоһооннору  күөрэгэйдээх күөрдэмнэр ааҕан иһитиннэрдилэр. Бэрт сэргэх сонун суруйуулар дохсун ытыс тыаһынан бэлиэтэннилэр. Бу кэннэ Хаҥалас улууһун 2 Дьөппөн, Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ бэтэрээнэ, СР култууратын туйгуна, СР үтүөлээх  артыыһа Степан Петровтуун “Киирбэт күннээх дойдуга” диэн көрсүһүү буолла. Степан Дмитриевич  саха киинэтин индустриятыгар киириитин туһунан олус интэриэһинэй кэпсээнин кэннэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт. Күрэхтэри Галина Иванова- Айтыына Уран, Инна Николаева- Угинка, Татьяна Петрова- Мойуу кыыһа дьүүллээтилэр.  Түһүмэхтэр кэннилэриттэн дьүүллүүр сүбэ күрэхтэр түмүктэрин билиһиннэрдэ: «Хоһооммор хоһуйан» дорҕоонноохтук ааҕыыга Марина Кычкина — Ситим Кут 1 миэстэ, Степанида Иванова – Санаара 2 миэстэ, 3 миэстэ Тамара Николаева- Сарыада (Ньурба) буоллулар.  .
«Мин сурук кынаттаахпын» эдэр ааптар Руслан Скрябин хоһооннорун ааҕыы күрэҕэр Инна Николаева — Угинка 1 миэстэни, 2 миэстэни — 2 Дьөппөн орто оскуолатын уолаттарын бөлөҕө (салайааччы Лебедева А.Н.), 3 миэстэни Зоя Данилова — Кэкэрдэ ыллылар,   Александра Жулева-Суһума (Таатта)  “Истээччи биһирэбилэ”- анал аакка тигистэ. «Күөртээх уустар»- тута хоһуйуу күрэҕэр кыайыылаах Анастасия Ющенко- Алгыстаана («Өлүөнэ долгуннара») буолла, 2 миэстэни Мария Поскачина («Иэйии» КСТ), үсүһү Азарова Надежда Егоровна- Алаас Илгэ («Отуу уоттара») ыллылар. Бары кыайыылаахтарга тэрийээччилэр анал бириистэрэ үөрүүлээх быһыыга майгыга туттарылынна. Тэрээһин кыттыылаахтарын СӨ ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ, култуура туйугуна, «СӨ норуотун самодеятельнай художественнай айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин «- бочуотунай бэлиэ хаһаайына,  Константин Мохначевскай уонна “Күөрдэм көмүс күһүнэ” тэрийээччитэ, маастар педагог, СР үөрэҕириитин туйгуна, Күөрдэм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Галина Ивановна Иванова- Айтыына Уран     ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Ыалдьыттарбыт, хоһоон куттаах  доҕотторбут, түһүлгэбитин кэлэн киэргэппиттэригэр барҕа махтал буолуохтун. Аны да маннык тэрээһиннэр Хаҥалас улууһугар өйөбүлү ылан ыытылла туралларыгар баҕарабыт. Санаабытын олоххо киллэрэргэ өйөбүл буолбут «Дьөппөн 2-с нэһилиэгэ»МТ баһылыгар А.Н. Константиновка, «Хаҥалас улууһа» Муниципальнай оройуон Үөрэҕириитин, Култуураҕа уонна духуобунаска салалталарыгар,  Хаҥалас улууһун кииннэммит библиотекатыгар, «Өктөөп 50 сыла сопхуос» ТХПК, “Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр” литературнай түмсүү чилиэннэригэр, ыалдьыттарбытын булт аһынан күндүлээбит Кузьма Иванович Ефремовка  махталбытын тиэрдэбит.

Саргылана Федорова А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК дириэктэрэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *