«Күөх оазис»

Самаан сайын сатыылаан, уйгу-быйаҥ тэнийэн,  күөх ньаассын  от көбүөрдүү тэлгэнэр. Сарсыарда аайы талах чыычааҕа чугастааҕы талахха олорон күнү көрсөр ырыатын саҕалыыр, аттынааҕы ыалларыҥ бөтүүктэрэ үрүҥ күнү айхаллыыр. Оччоҕо дьиэ хаһаайкатын күннээҕи үтүө түбүгэ тэнийэр. Оҕурсулары, помидордары кытта сэһэргэһии, сибэккилэри кытта сибигинэһии, оҕуруот бары олохтооҕун кытта күнү- дьылы ырытыы, тэбэнии- сахсыыны, сарсыардааҥҥы чэйи иһии. Арыы-сыа аллар кэрэ кэмнэрин баттаһа ходуһаҕа хотуур ыллыыр, титииккэ ньирэй мэҥириир,  массыына- тыраахтыр дырылыыр, үлэ- хамнас  күөстүү оргуйар.

Сайын, төһө да үгүс түбүктээх буоллар, бары олус кэтэһэр кэрэ кэммит. Кыракый тыа сиригэр сааскы кэмтэн саҕалаан оҕуруотугар ким- тугу олордоро, хайдах көрөрө- истэрэ, эмтиирэ, төһө өлгөм үүнүүнү ылара биллэн олорор. Ол кэмнэри баттаһан А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК оҕуруот аһын үнүгэстэрин дьаарбаҥкатын тэрийэр, оҕуруокка, сайыҥҥы үүнээйигэ  сыһыаннаах маастар кылаастары ыытар. Оттон быйыл күһүн ким хайдах үүнүү ылбытын, тэлгэһэтин туох сонун үүнээйилэринэн, тутууларынан киэргэппитин бар дьоҥҥо билиһиннэрэ, үтүө уопуту тарҕата диэн «Күөх оазис» күрэх ыыттыбыт. Күрэххэ 11 ыал кытынна. Дьон үлэһит, мындыр да буоларын хаартыскалартан көрөн сөҕөбүт.

Ол курдук Антонида Семеновна Борисова, икки – үс сыл аннараа өттүгэр саҥа дьиэҕэ киирэн малааһыннаабыта. Антонида Семеновна уруккуттан дьиэтин таһын олус үчүгэйдик киэргэтэр. Араас сибэккилэри, дьикти оҕуруот аһын үүннэрэн оҕолорун, сиэннэрин күндүлүүр. Хаһаайка дьиэтин тулатын флокс, петунья, лобелия, виола, годеция, душистый табак, дельфиниум кэрэ сибэккилэр киэргэтэллэр.  Марковтар Анна Павловна, Владимир Устинович дьиэлэрин, тиэргэннэрин иһин олус кичэйэн көрөллөр. Барыга бары олус кичэмнээхтик сыһыаннаһаллар. Быйылгы сылга Марковтар дьиэ кэргэттэрэ ыал буолбуттарын 60 сылын бэлиэтээтилэр. Бриллиантовай сыбаайба хаһаайыттара, буоларын курдук,  дьиэлэрин таһын араас сибэккилэринэн киэргэппиттэр. Эгэлгэ петуньялар, шафран, астра, амаранта сибэккилэрэ дьэргэһэн киһи хараҕын үөрдэллэр. Дьиэ хаһаайката Анна Павловна 1990 с.  хара кыталык, якутская, эркээни, икки сылтан бэттэх мүрүчээнэ, люция моонньоҕоннору олортоон сайынын олус үчүгэйдик көрөр- истэр. 2-7 кг тиийэ аһы ылар. Дьиэ тула харыйа, хатыҥ, яблоня, акация,  дьөлүһүөн, черемуха, бузина, майҕааһын, малина, бузина  олордуллан тиэргэни тупсаҕай көрүҥнүүллэр. Владимир Устинович киэн туттуута, таптала  1982 с. олордубут сардаана сибэккилэрэ. Быйыл киһи эрэ сөҕө – үөрэ көрөр сардааналара тилэри үүммүттэр. Марковтар дьиэ кэргэттэрэ нэһилиэк  киэн туттар дьоно. Бары өттүнэн үтүө холобур буолар ыалларбыт. Мотрена Михайловна Винокурова киэҥ тиэргэнин бархатцы, душистай табах, флокс, петуньялар киэргэппиттэр. Яблоня, акация, бузина  мастар сэттэ сыллааҕыта олордуллан, билигин ситэри симэнэн хаһаайыттарын үөрдэллэр. Фекла Егоровна Александрова диэтэхпитинэ, олохтоох эрэ барыта Фекла Егоровна үүнээйитин, кини тиэргэнин хайгыы сөҕө түһэллэр. Күөрдэмҥэ Фекла Егоровнаны билбэт киһи диэн суох. Кини  оҕуруот аһын, сибэкки көрүҥнэрин, араас талах  мас олордуутунан дьарыктаммыта ыраатта. Ол да иһин тиэргэнин  каллезия, пион,  лилейник, дельфиниум, ландыш, аконит, мертензия о.д.а. сир симэхтэрэ,  хаптаҕас, охта, моонньоҕон, бузина, яблоня мастар киэргэтэллэр.  Лена Алексеевна, Матрена Иннокентьевна, Саргылана Васильевна Захаровалар биир аҕа ууска кийииттэр. Олус үтүөкэн кийииттэр оҕуруот аһын, сайыҥҥы, кыһыҥҥы сибэккилэри хотоойутук олордоллор. Сайын аайы тэлгэһэлэрин араас оҥоһуктарынан, сибэккилэринэн киһини эрэ абылыырдыы киэргэтэллэр. Лена Алексеевна, селекционер тэҥэ, сонун сэдэх үүнээйилэри олордор. Аҕыйах сылтан бэттэх арбуз, дыня, тыква хотоойутук олордор. Сиэннэрин, аймахтарын күндүлүүр. Саргылана Васильевна петуньялары сөбүлээн олордор. Кэргэнэ Ньургун Рудольфович нэһилиэкпит ууһа, дьиэтин тула араас оҥоһуктары оҥорон дьонун үөрдэр. Хаһаайка Саргылана Васильевна дьэрэкээн сибэккилэринэн оҥоһуктары тупсаран, олбуор көстүүтүн ситэрэн- хоторон иһэр. Матрена Иннокентьевна тиэргэнин сыллата тупсарар, араас оҥоһуктарынан киэргэтэр. Дьүөгэтэ Людмила Дмитриевна Скрябиналыын олбуһа- солбуһа сибэкки , оҕуруот аһын арааһыттан олордоллор. Оҕолорун, чугастааҕы ыалларын күндүлүүллэр.  Сыраларын биэрэн туран күннэтэ сибэккилэрин көрөр- истэр, сибигинэһэ сылдьар хаһаайкалар сибэккилэрэ, тиэргэннэрэ олус кэрэ. Валентина Егоровна Карамзина сибэкки, оҕуруот аһын рассадалаан атыылыыр. Кэргэнэ Николай Николаевич онно сөптөөх дьиэ- уот тутан, биир сүбэнэн үлэлииллэр. Хаһаайка Валентина үүнээйилэрин олус болҕомтолоохтук көрөр. Дьөппөннөрү саас  аайы үчүгэй үнүгэстэринэн хааччыйар.

 Оҕуруотчуттар- быйылгы сыл сибэккигэ, оҕуруот үүнээйитигэр соччото суох сыл буолла дииллэр. Үүнээйибит  көрүҥэ, көстүүтэ олох  мөлтөх диэн хаһаайкалар үллэстэллэр. Онон, «Күөх оазис» тиэргэн иһинээҕи сынньалаҥ зонатын көрүү күрэҕэ түмүктэннэ. Хаартыскалары көрөн  «2 Дьөппөн » ТП администрациятын үлэһиттэрэ маннык түмүгү таһаардылар:

1 миэстэ- Скрябина Людмила Дмитриевна

2 миэстэ- Марковтар дьиэ кэргэттэрэ

3 миэстэ- Борисова Антонида Семеновна

4 миэстэ- Винокурова Мотрена Михайловна

5 миэстэ- Карамзина Валентина Егоровна

6 миэстэ- Александрова Фекла Егоровна

Күрэххэ кыттыбыт дьоммутугар- сэргэбитигэр махтанабыт. Аны да маннык күрэхтэргэ кыттан иһэргитигэр баҕарабыт. Сибэкки арааһын, оҕуруот аһын эгэлгэтин олордор, үтүө өлгөм үүнүүнү ылар   баай уопуккутун аны да үллэстэ, тарҕата туруҥ диэн ыҥырабыт.

Александрова Ф.Е

Артамонова А.А

Борисова А.С

Винокурова М.М

Захарова Л.А

Захарова М.И

Захарова С.В

Карамзина В.Е

Марковтар дьиэ кэргэттэрэ

Никифоров П.М

СкрябинаЛ.Д

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *