✨✨✨✨✨✨✨✨✨✨✨
«Илинниир мырааны иитинэн
Иитиэхтиир Самыртай хочолоох,
Арҕааҥҥы мыраанын аннынан
Аатырар Эркээни хочолоох.
Бараммат бултааҕын билиммит
Бугуйар Буотама үрэхтээх,
Муҥутуур куйааһы билиммэт
Мууһунан килэйэр Булуустаах»
💫💫💫💫💫💫💫💫💫💫💫
Сэтинньи ый 4, 5, 6 күннэригэр үтүө үгэскэ кубулуйбут, «Самыртай» сыһыытын нэһилиэктэрин айар-тутар аргыстаах, уһуйар-угуйар аналлаах культура эйгэтин үлэһиттэрэ «Норуот Сомоҕолоһуутун» күнүн көрсө, ырыа-үҥкүү түһүлгэтин бэлэхтээтилэр.
Ол курдук Кыһыл-Үрүйэ Хачыкаат, Күөрдэм, Хоточчу, Тиит-Эбэ нэһилиэктэригэр сэргэх кэнсиэртэри көрдөрдүлэр. Хас биирдии нэһилиэккэ көрөөччүлэр сааланы толору кэлэннэр, хас биирдии кыттааччыны сылаас ытыстарын тыаһынан көрсөн, астынан тарҕастылар.💐💐💐
Күөрдэмҥэ концерт түмүгүнэн 16 500 солкуобай киирдэ.
Киирбит үп анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө быһыытынан туттарыллар.🙌🏻🙌🏻🙌🏻
Дойду үрдүнэн төһө да ыарахан кэмнэр кэллэллэр санаабытын ыспакка, саргыбытын самнарбакка, инникигэ үтүөнү-сырдыгы эрэ ыралыахха!🙏🙏🙏
Күндү көрөөччүлэрбитигэр, истиҥ истээччилэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит!👏🏻👏🏻👏🏻🤗🤗🤗