Аан дойду кэрэ аҥардар күннэрин көрсө, кулун тутар 7 күнүгэр ,, Ситим» культурнай сынньалаҥ киинигэр ,, Кэрэлик» диэн кэрэ аҥардар көлүөнэнэн күрэҕэ буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ 60-70- с, 70-80-с уонна 80-90-с сылларга оскуоланы бүтэрбит көлүөнэлэр кэрэ аҥардарын хамаандалара көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар.Бу тэрээһин эйгэтин ,, Самыртай» музейнай комплекс ,, Кэрэ эйгэ» диэн ретро-выставкатын, олохтоох модельнай библиотека кэрэ аҥардарга аналлаах кинигэ выставкатын туруораннар дириҥэтэн, суолталаан биэрдилэр.
Ол курдук бастакы ,, Оҕо сааспыт ахтылҕана» диэн түһүмэххэ хамаандалар эрдэттэн бэлэмнээбит слайдаларын сырдаттылар.Иккис ,, Ретро онтон да атыттар…» таҥас- сап муода түһүмэҕэр оччотооҕу хараллан сыппыт таҥастарын кэтэн, хааман кэрэхсэттилэр.Үһүс ,, Эһиэхэ мин ырыа бэлэхтиим» түһүмэххэ нарын ырыаларын ыллаан эйээртилэр.Төрдүс ,, Дьикти саас» диэн түһүмэххэ эрдэттэн бэриллибит сорудаҕы таайтара көрдөрдүлэр.(Сорудаҕа бэйэтин кэминээҕи дьонун, биитэр хартыынаны тыыннааҕымсытан көрдөрүү диэн) Күрэҕи түмүктүүр түһүмэххэ хамаандалар билиилэрин тургутуу буолла.Ол курдук бэриллибит бириэмэҕэ ,, Туох, ханна, хаһан?» диэн блиц- ыйытыктарга хоруйдаатылар.Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1 миэстэни 80-90 — с сыллааҕы кэрэ аҥардар көлүөнэ ,, Кэрэлик» хамаанда ылла.2 миэстэни 70-80- с сыллааҕы көлүөнэ ,, Дьүөгэлэр» хамаанда ылла.3 миэстэҕэ 60-70- с сыллааҕы көлүөнэ ,, Холумтан» далбар хотуннарын хамаандата тигистэ.Кыайыылаахтар бары анал сертификатынан уонна грамоталарынан наҕараадаланнылар.
Варвара Власова