Балаҕан ыйын 28 күнүгэр 2-Дьөппөн нэһилиэгэр «Күөрдэм көмүс күһүнэ» улахан тэрээһин ыытылынна.
«Ситим» култуура киинигэр «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» хаартысканан быыстапка, дьон — сэргэ сүргэтин көтөҕөр хаартыскаҕа түһэр фотозоналар турдулар.
Нэһилиэк 4 түөлбэтин олохтоохторо оҕуруот ас эгэлгэтин, эт — бурдук ас маанытын киһи эрэ сөҕүөх — махтайыах гына тупсаран, киэргэтэн быыстапка — дьаарбанка тэрийдилэр. Атыы — эргиэн түһүлгэтин ырыанан ыпсардылар көрдөөх частушканан киэргэттилэр. Кэлбит дьон бары араас аһы — үөлү, кыһыҥҥы битэмиини хамаҕатык атыыластылар, атыылаатылар. Дьон — сэргэ үйэни батыһан барыны — бары олордор, үүннэрэр буолбутун тэрийээччилэр бэлиэтии көрдүбүт, олус астынныбыт. Бааллар этэ манна — кукуруза, клубника, арбуз, тыква, бэс мүөтэ уо.д.а. Түөлбэ салайааччылара, актыбыыстара дьону көҕүлээн, түмэн күһүҥҥү бырааһынньык үрдүк таһымнаахтык ааһарын ситистилэр.
«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн «-диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол курдук, тыа сирин үлэһит дьонун, дьиэ — кэргэн мааны хаһаайкаларын баай — талым быыстапка — дьаарбанката нэһилиэк бигэ туруктааҕын, көхтөөҕүн көрдөрдө.