«Хоһоон Тыас Дорҕоон»
Хоһоон түһүлгэтин киэһэтэ
Күөрдэммит көнө-мааны хонуутугар дьоһун күн тосхойдо, төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин ыймахтыыр, уус тылы уһаарар долгунугар олорсор дьиктилээх түгэн үүннэ. Хоһоон.. тыас… дорҕоон… диэн ааттаммыт хоһоон түһүлгэтэ төрүттэннэ. Киирии тыл тумус туттар бэйиэппит Сэмэн Данилов Поэт- тыл ууһа хоһоонунан саҕаланна.
Поэт – тыл ууһа
Тыыннаах тыл ууһа.
Кини тимир ууһунуу
Тыл рудатын уһаарар-
Күөрт төлөнүгэр буолбатах
Сүрэҕин кутаатыгар…
Хоһоон түһүлгэтэ бэрт интэриэһинэй ааттаах, онно тэрийээччилэр Мандар уус эппит эриэккэс тылларын туһаммыттар. “Ай уонна Дьай алтыһан олох улуу эргиирэ эҥсиллэн барыаҕыттан кэм –кэрдии олоҕу кэмниир сүдү эргиирин аалын баһа хоҥнуоҕуттан Тыас диэн сүдү үһүс күүс кинилэрдиин аргыстаһан аарыктаах айаҥҥа туруннаҕа. Соҕотох тыас таһаарбат, турар салгын тыалырбат, атын салгынныын алтыстаҕына, иҥиннэҕинэ, хамсаатаҕына эрэ сирилиир силлиэрэр, куугунуур, суугунуур, эргийэр, эҥсиллэр. Тыас олох эргиирин арахсыспат аргыһа. Аан бастаан Сир ийэ олоҕун оҥостор улуу эргиирин төрүт тыастара төрөөбүтэ. Онтон аар айылҕа күөх дуолун сипсиэрэ, үөн-көйүүр, тыынар тыыннаах олох тэринэр сүпсүлгэнин күдьүс күүгээнэ- олох эргиирин ытык тыаһа баар буолбута. Тыас алтыһыыттан, сэһэргэһииттэн тахсар.”(Мандар Уус Барҕа санаам сүбэ тылым) Дьэ бу кэннэ, поэзияны сэҥээрээччилэр, утаппыттыы саха бэйиэттэрин хоһооннорун, бэйэлэрин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр, санаа атастастылар. Хоһоон, дорҕоон, тыас диэн кистэлэҥ күлүүстээх өйдөбүллэр тустарынан интэриэһинэй сэһэргэһии буолла.
Дьоҕус түмсүү халлааҥҥа сулус бачыгырыар диэри кэпсэтэн, бэрт сонун идеялары, хоһоонньут дьоммутугар сыһыаннаах тэрээһиннэри былааннаата, ырытта. Көмүс күлүүс көрдөөтө…
Бу тэрээһиммитигэр ис сүрэхтэн кэлэн кыттыбыт Айтал Федоровка,Февронья Ивановна Ефремоваҕа,Тамара Егоровна Лебедева- Алгайаанаҕа, Ольга Ивановна Соловьеваҕа махталбытын тиэрдэбит.
Хоннохтоохтук айыҥ- тутуҥ
Дууһаҕыт кылын таарыйбыт кэрэ түгэн – тыас
Дорҕоон буолан кубулуйдун
Хоһоон буолан холбостун.
Төрөппүт төлкөлөөбүт
Төрүт тыаспыт
Тирэх буолан
Айар суол аартыгар арыаллаан истин.
Устар ууну сомоҕолуур
Уран тылбыт
Уйан түгэни уһата, ойуулуу
Ураннык тиһилиннин.
Олоҕу айар- тутар кэм-кэрдии, аар айылҕа төрүт тыастара дорҕоон-хоһоон буолан үрдүккэ көтүтэ, ыраахха сирдии турдуннар, айар талааҥҥыт арыллан көтөр кынат, көмүс күлүүс тыла буолан арыаллаатыннар.
Саргылана Федорова