«Хоболоох суол» роман хайдах суруллубутай?
Павел Николаевич Харитонов – Ойуку 2012 с.
Ромаҥҥа суруллубут үйэлэр алтыһыылара, төһө даҕаны мин кэмим буолбатаҕын иһин, геройдарым олохторунан олорбут, хоболоох суол устун бииргэ айаннаспыт кэриэтэ сананабын. Тоҕо диэтэххэ суруйааччы төрдүттэн билбэт тиэмэтин аҥардас өйүттэн суруйарын саарбахтыыбын. “Хоболоох суол” төһө даҕаны түөрт кинигэттэн турдар, миэхэ бэйэбэр, биир кинигэ, биир олох араас кэмнэри хабан суруллуутун көстүүтэ буолар. Ити барыта роман геройдара, персонажтара үйэлэр хорук суолларын тула ааспыт историяларын кэпсээнэ.
1985 сылтан, сэбиэскэй дьон олорон кэлбит общественнай олоҕун, өйүн-санаатын, сиэрин-майгытын, үгэстэрин уларыта тутуу демократическай политиката саҕаламмыта. Оттон, хайа баҕар киһи үөскээбит обществатын олоҕуттан тутулуга суох буолуон табыллыбатын туһунан үөрэхтэрэ биһиги бүттүүммүт оскуолата этэ. Ол иһин уларыта тутуу биһиги ортобутугар олус үөрүүтэ, эрэннэриитэ суох, ордук ыарыылаахтык, долгутуулаахтык киирбитэ. Ким туга ханныга биллэр кэмнэрэ кэлбитэ.
Саха сирин дьоно, бастатан туран интеллигенцията, ол долгунуттан эмиэ хаалсыбатаҕа. “Уларыта тутуу” ыытылларын утарсааччылар даҕаны, батыһааччылар даҕаны бааллара. Уруккулуу бобуу-хаайыы ханан даҕаны суох буолбута. Хардарыта аһаҕастык киирсиилэр даҕаны, аһаҕастык кэпсэтиилэр даҕаны тахсалларын тута көрдөрөн, иһитиннэрэн барбыттара. Былдьаммыт литературалар, киинэлэр, архивтар арыллыбыттара. Саҥа кэм тыына, саҥалыы көрүү, билгэлээһин түргэнник тарҕаммыта. Хайдах эрэ үйэлэргэ хаппахтанан турбут тимир халҕаннар тэлэччи аһыллыбыттарын курдук буолбута. Онно иһиттэххэ уруккута улуу держава буолан ньиргийэн олорбут сэбиэскэй сойууспут системата айгыраабыта, тыына букатыннаахтык кылгаабыта дьэҥкэтик көстүбүтэ. Уларыта тутуу ыытыллара сөптөөҕө миигин итэҕэппитэ. Саха сиригэр уларыта тутууну сатабыллаахтык ыыппыт, саҥалыы өйү-санааны киллэрбит киһибитинэн, норуот бүттүүнэ куоластаан талбыт бастакы президенэ Михаил Николаев буолбута.
Ол эрээри үйэтин моҥообут эргэ тимир системаны төрдүттэн үрэйэн, демократическай обществаны тэрийии, олохсуйан хаалбыт эргэ үгэстэри, өйү-санааны кыайыахха диэри быдан ырааҕа. Анардастыы былааска эрэ бас бэринэ үөрэнэн хаалбыппыт, кулуттарга уонна тойотторго кубулуйбуппут икки арда улахана бэрт буолан, демократияны, суверенитеты аҥардас үөҕүү эрэ тылларын курдук ылынааччылар элбэхтэрэ. Сэбиэскэй былаас бары көлүөнэтин төлкөтө итинник олорон ааспыта.
Кинилэр бэйэ ыккардыгар сыһыаннаһыылара улам уустугуран уонна кытаатан испитэ. Аҥардас кураанах дойҕоҕунан, инникигэ эрэннэриинэн олордор, үөрэтэр, үлэлэтэр, ол идеологияларын курдук албын геройдары, патриоттары иитэн таһаарбыттара.
Ити кэмҥэ, норуотум олорон ааспыт уһун суолун устун айанныырга уонна ол суол тула дойду үрдүнэн туох ханнык буолан ааспытын бэйэм сыаналаан, эппинэн-хааммынан билэн, төннөн кэлэргэ санаммытым. Айымньым персонажтара бука барылара ол суол тула тарҕанан олорор дьонтон уонна кинилэр ыччаттарыттан тахсыахтаахтара. Үгүс үйэлэргэ сахалардыын бииргэ олорбут, нуучча бааһынайдара, онуоха оччотооҕу быһыы-майгы сүрүн хартыынатын көрдөрүөхтээхтэрэ. Европаны, Сибиири, Саха сирин, Хотугу Американы уонна Чуумпу акыйаан арыыларын холбообут, Россия хорук тымыра буолбут, Хоболоох суол ааспыт историята миэхэ итинник көстүбүтэ. Ол усталаах-туоратыгар ааспыт кэмнэр быыстарыгар биһиги норуоппут үрүҥүнэн даҕаны, харанан даҕаны суруллубут, героическай даҕаны, трагическай даҕаны страницалара эмиэ бааллара.
Музей үлэһитэ уонна оскуолатааҕы сааспыттан кыраайы үөрэтиигэ кыттыспыт буоламмын, мунньуммут матырыйаалым илиибэр толору баара эрээри, онтубун кыайа-хото тутарбар, баһылыырбар, эрдэтээҕи суруйааччылар кинигэлэригэр суруллубатаҕы этэргэ,
уруккута сабыылаах тиэмэлэри, былыргы сиэрдэри-туомнары, итэҕэллэри, билбэппиттэн элбэх ыарахаттары көрсүбүтүм.
Ромаммын түөрт уон сэттэ сааспар саҕалаан бараммын, биэс уон сааспын көрсө икки бастакы кинигэм харатын бүтэрбитим. Бастакы баҕа санаам романым үс кинигэттэн туруохтааҕа. Уларыта тутуу охсуһуута, ити кэмҥэ, дьэ, дьиннээхтик саҕаланан, бар дьон өйүн-санаатын баһылаан, хас ыал ахсын киирбитэ. Уларыта тутуу бастакы сылларыгар, биир өттүттэн саныыргын толору этэриҥ, суруйарыҥ, атыылыырыҥ, атыылаһарыҥ барыта көҥүл, атын өттүттэн аһы-үөлү толуонунан эрэ булуу, хамнаһы умна-умна ылыы, дьиэҕэ-уокка кыҥыр-хаҥыр саҥарсыы, арыгылааһын, өлөрсүү, бэйэҕэ тиинии, күүһүлээһин, мэнээктээһин, ыалынан, тэрилтэнэн киэҥ сирдэринэн көһүү, сабыллыы-аһыллыы, биир тылынан ыһыллыы балысхана тахсыбыта. Ким байара, ким дьадайара дьүүлэ-дьаабыта суох буолбута. Оннук олох кыһалҕаларын бэйэм эмиэ көрсөммүн, ыктараммын, үлэм кэнниттэн, өрөбүллэрбэр, куорат ыккардыгар дьону таһар идэлэммитим. Атын өттүттэн эмиэ да көҥүл быраап бэриллэн, даача сирэ ыламмын дьиэ-уот, күрүө-хаһаа туттар аатыгар барбытым.
Уонча сыл устатыгар үлэм харатын илиибэр туппатаҕым. Умна да быһыытыйдым быһыылааҕа. Ол сылдьаммын айымньым аатын чуолкайдаан, романым бастакы кинигэтин “Хоболоох суол” ааттааммын, бастаан, оройуон хаһыатыгар, кэлин
«Чолбон» сурунаалга бэчээттэтэммин, ааҕааччыларым, критиктэрим үтүө сыанабылларын ыламмын, салҕыы туспа кинигэлэринэн 1999 уонна 2001 сыллардаахха алта уон сааспын баттаһа «Бичиккэ» утуу-субуу тахсыбыттара. Икки кэлин кинигэлэрим, сүрүн үлэм быыһыгар, биэстии сыл быысаһаннар, 2011 сыллаахха сэттэ уон сааспар, түөрт чаастаах романым толору бэчээттэнэн тахсыбыта.
Ааспыт 20-с үйэ саҥатыгар, хас биирдиилэрэ, ол иһигэр олус талааннаах, уһулуччу өйдөөх, сатабыллаах, оччотооҕу общества олоҕун ханнык да хаан тохтуута, гражданскай сэриитэ суох, төрдүттэн уларытар даҕаны, саҥалыы тутар даҕаны кыахтаах бүтүн көлүөнэ үөрэхтээх дьоннор олорон, үлэлээн ааспыттара. Олору аахтахха, үөрэттэххэ, букатын эдэр саастарыттан төрөөбүт норуоттарын көҥүлүн, бэйэни салайыныыны, либеральнай демократияны, национальнай бырааптарын туруорсаннар, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыттан охсуһуу уотугар төбөлөрүн оройунан түспүттэрэ уонна барбахтара буулдьа, бэртэрэ репрессия сиэртибэтэ буолбуттара. Итинник быһыы-майгы дойду бүттүүнүн үрдүнэн барбыта. Саха сирэ ала чуо арыыланан хаалар туһа суоҕа. Киһи эрэ хараастыан курдук. Дэлэҕэ да, ССРС народнай артиһа Михаил Ульянов ол кэми: “История в гробах” – диэн этэн кэбиһиэҕэ дуо! Көҥүлү-кырдьыгы саба баттааһын, хабахха тыыннарыы, илиини-атаҕы кэлгиттэрии, хайа баҕар киһиэхэ элбэх санааны-онноону угара чахчы.
Саха сирэ 1632 сыллаахха Россия ыраахтааҕылаах государстватыгар, 1922 сыллаахха Советскай федеративнай социалистическай республикатыгар холбоммутун кэнниттэн, историческай өттүнэн прогрессивнай даҕаны, трагическай даҕаны кэмнэрдээҕэ.
Хоболоох суолу тула үлэлээн-хамнаан олорбут икки норуот, хара маҥнайгыттан, элбэх харах уулаах, ыар ындыылаах, айыылаах-харалаах кэмнэри ааспыттара. Бука бары бу суолунан ситимнэнэн, инники олохторугар дьуолка туруораннар, биир дьылҕаланан олорбуттара. Бу суолунан сайдыы даҕаны, кэхтии даҕаны, таптал даҕаны, күүһүлээһин даҕаны барыта буолан ааспыта.
Далай-лама этэр эбит: «Ааспыт история – бу политика дьыалата буолбатах, политика дьыалата – кэлэр кэм, кини политическай быһаарыыларга наадыйар» диэн. Ол иһин суруйааччы мэлдьи олоххо дьиҥ-чахчы буолан ааспыты уус уран айымньы оҥорон суруйуохтааҕын мин эмиэ өйдүүрүм. Ханнык баҕар норуот өбүгэлэрэ хайдах олорон кэлбит үгэстэрин, сирдээҕи үөрэхтэрин ылынар. Онуоха таһыттан кэлэн орооһуу ол норуот олоҕун тосту-туора уларытар, кинилэр отуордарын төрдүттэн алдьатар. Ол кэнниттэн, урукку өбүгэлэриттэн тосту-туора, саҥа дьоннор үөскүүллэр. Билигин эрэ, харахпыт аһыллыбытын кэнниттэн, эргиллэн көрдөхпүтүнэнэ, хайдах олоҕу олорон кэлбиппит, дьэ, ырылхайдык көстөр. Арай ону өйдөөбөт, эбэтэр өйдүөн да баҕарбат киһи мэлдьэһиэн сөп.
Ааспыт үйэҕэ кимнээҕи норуот геройдара уонна норуот өстөөхтөрө диирбитий? Кимнээҕи норуот өстөөхтөрө оҥортооммут “салгыммыт ырааһырда” диэммит хомуньуус баартыйаҕа махтанар этибитий. Ол туһунан кэлэр көлүөнэлэргэ суруйан кэпсээн хаалларар кэм, дьэ, кэлбитэ.
Суруйааччы саныырынан, улахан да, кыра да норуот ханнык баҕар кэмҥэ үтүргэннээх, үүрүллүүлээх, батталлаах олоҕунан олороро сатаммат. Ордук кутталлааҕа уонна кыбыстыылааҕа, тосту-туора бардамнааһын суолларын кэнэҕэски ыччаппытыгар үйэтитэ сылдьарбыт букатын сатаммат. Норуоппут тумус дьонноро ону үчүгэйдик өйдүүллэрэ. Кинилэр өлөр өлүүнү көрөн тураннар, көҥүл уонна бэйэни дьиҥнээхтик салайыныы туһугар туруулаһаннар сырдык тыыннарын толук уураллара. Ханнык баҕар тыйыс кэм, бэйэтинээҕэр тыйыс геройдары төрөтөрүн итинник итэҕэйбитим.
Ааспыт үйэ 20-с сылларын иккис аҥардарыттан Советскай союзка партия уонна государственнай аппарат чиновниктарын икки ардыларыгар хардарыта хабырыйсыылара күүскэ тахсыбыттара. Партия иһигэр охсуһааччылары «уҥа оппортунистарынан» сыҕайбыттара уонна «национал-социализмҥа» халыйааччылар курдук көрбүттэрэ. Былаас, бэйэтин толоругас уонна истигэн чиновниктарын утары сорунуулаах охсуһууга туруммуттары барыларын “норуот өстөөхтөрүнэн”, «бандьыыттартан» атыннык ааттаабатаҕа. Кинилэри садаҕалааччылары, бэйэтин геройдарынан аатырдыбыта.
20-с сыллар бүтүүлэригэр үгүс партийнай, советскай салайааччылары национальнай интеллигенцияны өйөөтүлэр диэн буруйдааннар, үлэһит кылаас интэриэһин түһэн биэрээччилэринэн буруйдаабыттара. Национальнай республикалар чулуу деятеллэрин, интеллигеннэрин ытыталыырга тиийэ репрессиялаабыттара. «Сахалар дьыалалара» дойду үрдүнэн барбыт политическай буруйдааһыннарга ол хааннаах хампаанньаҕа генеральнай репетициянан» буолбута. Конфедералистар бэйэлэрин программаларыгар национальнай республика статуһун көрдүү сатаабыттара уонна ССРС-һы кытары дуогабарынан хардарыта сыһыаннаһыыга олоҕурарга дьулуспуттара. Ити хамсааһын Кулаковскай философскай суругун, политическай өттө этэ диэххэ эмиэ сөп. Конфедералистар хамсааһыннара, үлэлээн иитиллээччи дьадаҥы уонна орто бааһынайдар партияларын программаларын олоххо киллэртэрэри туруулаһыы холобура этэ. Кинилэри, билигин кэлэн, байыаннай демонстрацияны оҥорботохторо эбитэ буоллар, олохпут тупсуохтааҕын, интеллигенциябыт чэчириэхтээҕин курдук буруйдааччылар, ити муна-тэнэ сылдьааччылар тыллара буолбатах, ити былаастарын былдьаппыт коммунистар үөрэхтэрэ. Сэбиэскэй былаас норуот бас-көс интелигенциятын ирдээн туран хара күннэрэ тирээн кэлиэр диэри сорунуулаахтык суох оҥортуура.
20-с-30-с сылларга үөрэхтээх интеллигенцияны барыларын буржуазнай националистарынан, идеологтарынан, реакционердарынан ааттаан тураннар репрессиялаабыттарын умнар сатаммат.
Байбал Силиппиэнтэп бэйэтин буруйдааһыныгар, кылаассабай сыһыаннаһыыны олохтообут уонна пролетариат диктатуратын бэйэлэрин былаастарын туһугар аһара туһаммыт хомуньуустары, сирэйдэрин саралаан туран, аһаҕастык эппитэ. Кини маннык салаллар былаас тоталитаризм суолунан баран иһэриттэн эрдэттэн сэрэтэ сатаабыта.
Саха сиригэр үс үйэлэр усталарыгар ыаллыы аймахтаһан олорбут норуоттар, хайалара да, ханнык да кэмҥэ атааннаспакка, утарыта турсубакка, ыксаллаах кэм кэллэҕинэ бииргэ холбоһон кэлбиттэрэ. Норуоту бобуу-хаайы, сирэйэ-хараҕа суох соролооһун, биир киһи муҥутуур былааһа, норуот буунун, ааспыт үйэ саҥатыгар нуучча бастакы, онтон олунньутааҕы, алтынньытааҕы революцияларын төрөппүтэ. Ыраахтааҕы былааһын суулларыыга бүттүүн баттаммыт, бырааптарын былдьаппыт норуоттар бары араҥалара бииргэ холбоспута. Бириэмэннэй былаас кыаҕа суоҕун пролетариат сирдьиттэрэ туһаммыттара.
Алтынньытааҕы революция норуоту бүттүүнүн кылаастарынан араартаан, утарыта туруортаан, дойду үрдүнэн гражданскай сэриини тардан, хааннаах диктатуранан советскай былааһы олохтообута. Итинтэн ылата былааһы бэйэлэрин илиилэригэр былдьаабыт бассабыыктар, ГПУ-лар террордара саҕаламмыта. Ол тыйыс кэм оҕолоро, норуот көҥүлүн күөмчүлээччилэри утары охсуһууга, хас биирдиилэрэ, толук буолбуттара. Олору садаҕалаабыт хомунньуустар кинилэр ааттарын сиргэ тэпсэн, холуннаран, хараардан, умуннаттарар суолу тутуспуттара.
Кыайбыттар кэккэлэрин: геройдар, патриоттар, интернационалистар аатырдыбыттара. Кыайтарбыттар: норуот өстөөхтөрүнэн, бандьыыттарынан атынынан ааттамматахтара. Ааспыт историябыт ис дьиҥэ уһун кэм усталаах-туоратын туххары итинник суруллан, токурутуллан, үөрэтиллэн кэлбитэ. Былаас идеологтара онуоха анаан тураннар саҥа советскай дьону иитэн таһаарбыттара.
Ааспыт үйэ үөскэппит алдьархайыттан, трагедиятыттан, босхолонор сиэрдээх уруоктарым миэхэ итинтэн саҕаламмыттара. Норуот бастыҥтан бастыҥ уолаттара бэйэлэрин кэмнэрин куоһарбыт ааттара ааттанар кэмнэрэ кэлбитэ. Кырдьык уонна көҥүл туһугар охтубуттар албан ааттарын аны үөхтэрэр, албыннаттарар, тэбистэрэ сылдьар кэм букатыннаахтык ааста. Ити барыта, миэхэ, “Хоболоох суол” романы суруйууга тиэрдибитэ.
Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы музей ВК сирэйиттэн
Хоболоох суол
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Уус Майа, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарыгар 2024-2029 сыллары Дьаам култууратын сылларынан биллэрдэ.
Биллэриллибит сылларга хас биирдии култуура тэрилтэлэрэ былаан ылынан үлэлэрин саҕалаатылар.
А.М. Сидорова аатынан «Ситим» култуура киинэ биир дойдулаахпыт Павел Николаевич Харитонов-Ойуку, СӨ народнай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, поэт «Хоболоох суол» романын аудиокинигэтин оҥорон таһаарарга былааннаммыта. Дьаам култууратын сэһэргиир дириҥ историялаах айымньыны тарҕатар, үйэтитэр сыал- сорук туруоруммута.
Аудиокинигэ ааҕыытыгар Л.Я. Гермогенова аатынан Күөрдэмнээҕи норуот тыйаатырын артыыстара уонна нэһилиэк олохтоохторо үлэлэстилэр. Роман 1 чааһын толору ааҕыыта ахсынньы ыйга түмүктэниэ.
«Ситим» КК дириэктэрэ Саргылана Федорова
Хоболоох суол. Аудиороман
Бастакы туона. Аахта Саргылана Семеновна Федорова, А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК дириэктэрэ
Иккис туона. Аахта Мария Аркадьевна Михайлова. 2 Дьөппөн орто оскуолатын учуутала.
Үһүс туона. Аахта Олеся Владимировна Александрова, Л.Я. Гермогенова аатынан Күөрдэмнээҕи норуот тыйаатырын режиссера.
Төрдүс туона. Аахтылар Анжелика Викторовна, Александр Иванович Алексеевтар, Күөрдэмнээҕи норуот тыйаатырын артыыстара.
Бэһис туона. Аахтылар Раиса Афанасьевна Эверстова, Нария Валерьевна Говорова, Николай Николаевич Ефимов, Күөрдэмнээҕи норуот тыйаатырын артыыстара.
Алтыс туона. Аахтылар Күөрдэм уонна Хаҕын нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Степан Дмитриевич Петров. 2 Дьөппөн нэһилиэгин Аҕа баһылыга Александр Николаевич Константинов