Хаалыктар

***Хаар -ырыа. Хаар – хоһоон
Иэйиилиин биир дорҕоон
Салааска, халтараан
Сыарҕалаах ат, чуораан.
Көп хаарга үҥкүүлээ
Сыа хаардыын сырылаа
Хаар куттаах, хаар сыттаах
Мин сахам киһитэ (Саргылана Сайын)

Күөрдэмҥэ хаалыктаах хаамааччылар саамай көхтөөх дьон. А.М. Сидорова аатынан «Ситим» Култуура киинэ ыытар тэрээһиннэрин кинилэр ситэрэн- хоторон, киэргэтэн иһэллэр диэтэхпинэ олус сыыһа буолуо суоҕа дии саныыбын.

Хаалыктаах хаамааччылар биирдиилээн 20 тэн тахса сыллааҕыта хааман саҕалаабыттара. Билигин түмсүүнү олохтоох оскуола музейын салайааччыта Ольга Алексеевна Бодрова салайар. Түмсүүгэ  уонтан тахса кэрэ аҥар күнүн аайы хаалыктарын иннилэригэр тутан доруобуйаларын бөҕөргөтө хаамаллар. Саҥаттан саҥа идея, сонун тиһэн түмсүүлэрин сүрүн дьарыгын ис тыыннаан, эйгэлээн биэрэллэр. Бу түмсүүттэн «Холумтаҥҥа» (истээнньэҥнэр), «Күөрдэм кустуга» худуоһунньуктар, хомуска, үҥкүүгэ, ырыаҕа да сылдьааччылар бааллар. Түмсүү кыттыылаахтара ким хайа иннинэ субуотунньуктаан суол бөҕүн ыраастыы охсоллор, түмсэ охсон көхтөөх тэрээһин ыыталлар, «Самыртай» музей ыытар тэрээһиннэригэр көх- нэм буолаллар, анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга аналлаах субботниктарга 100% кыттыһаллар. Кэрэ аҥардарбыт талааннарын, креативтарын биһи сөҕөбүт уонна махтанабыт.

Хаалыктаах хаамааччылар кэлэн иһэр Саҥа дьылы көрсө Күөрдэмҥэ киирии аартыгар хаар дьону кэчигирэттилэр. Онон кэлэр ыалдьыт үөрэ- көтө хаартыскаҕа түһэр, Күөрдэм бэс сыттаах ыраас салгынын эҕэрийэ тыынан санаалыын тупсар.

Көхтөөх түмсүү кыттыылаахтарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кэлэн иһэр Саҥа дьыл саҥаттан саҥа идеялары эптин. Санаабыккыт саргыланнын, туппуккун тубустун, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу –соргуну, иллээх- эйэлээх олоҕу баҕарабыт! 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *