Даркылаахха, сайылыкка
Күн, халлаан, сир барыта биир
Мэччирэҥҥэ, далбарайга
Арыы-сүөгэй дэлэй дии!
Кутуллубут суол устун, күһүҥҥү хартыына быыһын тэлэн, УАЗ массыына сыыдамнык айанныыр. Күөрдэм нэһилиэгин култууратын үлэһиттэрэ кэтэһиилээх ыалдьыт буолан, 30 ча км тэйиччи баар «Өктөөп 50 сыла сопхуос» ТХПК Даркылаах сайылыгар туруннубут. Үрүҥ илгэни үрүлүтэр үтүө үлэһит дьоммутугар элбэх кэпсээн кэһиилээх, сонун бөҕөлөөх тиийдибит. Итии үүттээх чэйи иһэн сырылата- сырылата туох – ханнык буола турарын сэһэргэстибит. «Сылабаардаах остуол», «Кэһиилээх остуол» тэлгэтэн хаартыскаҕа түстүбүт, Р.К. Захаров «Самыртай» музей – комплекс быыстапкатын тэниттибит, хоһоон хонуутугар көччүйдүбүт. Ирэ- хоро кэпсэтэн, бу кэлээри турар быыбарга салайааччыларын эдэр кэскиллээх, тыа сирин аныгылыы сайыннарар программалаах Тихон Скрябины биир киһи курдук өйүүллэрин биллэрдилэр. Уонна бар дьону тыа сирин сайдыытыгар чопчу үлэлэһэ сылдьар Тихон Николаевич Скрябиҥҥа куоластыырга ыҥыраллар.