Арҕаһыттан тэһииннээх айыы хаан аймахтара
Көхсүттэн көнтөстөөх күн айыы уустара
Иннинэн сирэйдээх
Икки атахтаах
Иэҕэйэр иэччэхтээх
Иэйэхсит эдьиийдээх
Айыыһыт саҥастаах
Дьөһөгөй соргулаах
Саха барахсаны
Үс саханы үөскэтэ турдун диэн
Түөрт саханы төрүттүү турдун диэн
Орто туруу дойдуга олохсуппуттар эбит.
Онтон ыла саха барахсан ыһыах ыһан айыыларын, иччилэрин алы гынар эбит. Алгыс түһэрэн амалыйан, аал уотун нөҥүө ааттаһар, көрдөһөр буолбут… Билигин ол сиэринэн аныгы ыһыахтар ыытыллаллар. Бар дьон ыһыах көрүгэр кыттыһан, ас арыылааҕынан ыалдьыттарын күндүлүүр буоллулар.
Күөрдэм көнө хонуутугар Үрүҥ тунах Ыһыах Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананан ыытылынна. Онон дьиэ кэргэтттэр сахалыы таҥастарын, симэхтэрин толору кэтэн сэлэлээн киирдилэр. Үһүс төгүлүн Тамара Тимофеевна Тимофеева Айыылары ааттаан – суоллаан алгыс амалыйда, аал уокка бэйэбит уолбут Аар айыы оскуолатыгар уһуйулла сылдьар Андрей Дмитриевич Скрябин айах тутан, алгыс сиэрин- туомун ситэрдэ.
Олоҥхо орой – буурай тылынан, төрүт тылбыт дьэрэкээн оһуорунан доҕуһуоллатан түптэ сытынан арчыланан улахан түһүлгэ тэнийдэ. Көрдөөх- нардаах оҕо саас уонна дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах арыйыы тэрээһинигэр эрэкэ- дьэрэкэ оҕолорбут, кыталык кындыа кыргыттар- эдэр ыччат, күн күбэй ийэлэр, эбэрикээн эбээлэр- Иэйэхсит, Айыыһыт хотун буолан силиги ситэрдилэр. Көрүөхтэн кэрэ кыталыктар кыҥкынастылар, Айыыһыт далбардар түһүлгэни төрүттээтилэр. Сибэкки оҕолор лыаҕы кытта сырыстылар.
Аҕа баһылык Александр Николаевич Константинов эҕэрдэ тылынан Ыһыах түһүлгэтэ олохтонно. Эҕэрдэ тылга Юрий Юрьевич Никифоров, Хаҥалас улууһун Аҕа баһылыгын солбуйааччыта, бар дьону эҕэрдэлээтэ. Уонна культураҕа өр сыллаах бэриниилээх үлэлэрин иһин Владимир Митрофанович Артамоновка «Уус – уран самодеятельность бэтэрээнэ», Николай Николаевич Ефимовка «Хаҥалас улууһун култууратын сайдыытын иһин» бэлиэлэри туттарда. Сыллата аайы Туласыновтар дьиэ кэргэттэрэ бастыҥ иитээччигэ ийэлэрин Елизавета Васильевна Туласынова аатынан стипендия туттараллар. Стипендия хаһаайынынан «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын иитээччитэ Кюннэй Михайловна Лебедева ааттанна.
«Туналҕаннаах тусаһа туонатыгар» нэһилиэк талааннаах оҕолорун, дьонун- сэргэтин эҕэрдэ кэнсиэригэр дьоммут уйгу-быйаҥ ыһыах үөрүүтүн оройуттан туттулар, оҕолорбут күпсүүрдээн, хомустаан дьүһүйдүлэр, үҥкүүлээн битийдилэр. Кэрэ – мааны далбар хотуттарбыт үҥкүүнэн, ырыанан түһүлгэни толордулар. Ыҥырыылаах ыалдьыппыт саха эстрадатын сулуһа Аскалон Семенов ырыа- тойук түһүлгэтин көҕүлүттэн тутан, дэгэрэҥ ырыанан куппутун- сүрбүтүн манньытта.
Быйылгы ыһыах күрэхтэрэ барыта дьиэ кэргэнинэн ыытылынна. “Оһуохай- ыһыах киэргэлэ” күрэххэ Алексеевтар, Захаровтар дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар, 5 кылаас үөрэнээччилэрэ салайааччыларын Варвара Романовна Павлованы кытта биир иллээх дьиэ кэргэн буолан, оһуохай таһаардылар. “Саха кэтэһэр ыһыаҕы саҥа таҥас таҥнаары” саха таҥаһын күрэҕэр Винокуровтар дьиэ кэргэн Гран при, Киприяновтар, Скрябиннар (Филипп Егорович сыдьааннара), Скрябиннар (Архыып аҕа ууһа), Александровтар харах үөрэр дьэрэкээн таҥастара дьүүллүр сүбэ хайҕалын ыллылар. Ону тэҥэ Захаровтар (Инна Иннокентьевна оҕолорунаан), Алексеевтар (Ивановичтар), Алексеевтар (Васильевичтар), Константиновтар (Егоровичтар), Федоровтар (Ксения Ивановна оҕолорунаан) анал аат хаһаайыттара буоллулар. Ыһыах дьонун мааны таҥаһын хаһыс да сылын субуруччу иистэнньэҥ талааннаах дьоммут Варвара Егоровна, Саргылана Федоровна Константиновалар дьүүллүүллэр.
Ыһыахха ийэ- аҕа ууһа буолан тэнийбит киэҥ аймахтар Винокуровтар, Скрябиннар, Спиридоновтар, Леонтьевтар, Алексеевтар мааны түһүлгэ тэринэн күрэххэ кыттыстылар. Анал ааттарынан бэлиэтэннилэр.
Маны кытта сэргэ Оҕо саас түһүлгэтэ оҕолорго аналлаах сахалыы оонньуулары- хабылык, хаамыска, уһун суһуох, хомуур, ырыа- хомус күрэхтэрин тэрийдэ. Түһүлгэни олохтоох уһуйаан уонна оскуола коллектива кыайа- хото үлэлэттэ.
«Оһуордаах олбох» күрэххэ эбэрикээн эбээлэр, эдэр ийэлэр араас ньыманан тигиллибит олбохторун көрдөрдүлэр. Манна сиэл, кыбытык, аппликация, аттаһык олбохтор араастара баарын ийэлэр сэһэргээтилэр. Эбээлэр сиэри тутуһан дьиэ кэргэҥҥэ кийиит, күтүөт, сиэн оҕо кэллэҕинэ олбох тигэн маанылыылларын кэпсээтилэр. Онон саха ыалдьытымсах, аймаҕымсах биир үтүө үгэһэ өссө чиҥиэ диэн эрэнэбит.
Култуурунай тэрээһин биир саамай интэриэһинэй түһүлгэтинэн «Удьуору ууһатан, аймаҕы тэнитэн» диэн дьиэ кэргэн күрэҕэ буолла. Күрэх түһүмэхтэрэ көрөөччүнү уонна кыттааччыны сылаппат курдук гына бэрт судургу буолла. Сахалыы таҥастаах билсиһии- дьиэ кэргэни эрэ буолбакка, бүтүн аҕа ууһун билиһиннэрии, ол кэннэ эбээ, эһээ алгыһа- аймахтан аҕа саастаах кыттааччы алгыс тылын аймахтарга, оҕолорго, кэлэн кэнчээри ыччакка анааһын. Үһүс түһүмэх- Емельяновтар дьиэ кэргэттэрэ (Анна, Ян) авторскай “Хомуур күрэҕэ” оонньууларынан ыытылынна. Манна оҕо, ийэ, аҕа кубиктары бириэмэҕэ хомуйаллар. Хайа дьиэ кэргэн түргэнник хомуйар, ол кыайыылаах буолар. 9 оҕолоох Винокуровтар дьиэ кэргэн (Мария, Илларион) бастаан Винокуровтар аҕа ууһун суон сураҕын эптилэр. Манна 2 Дьөппөн орто оскуолатын 25 сыллааҕыта бүтэрбит выпускниктар бачыым көтөҕөн, бастаабыт дьиэ кэргэҥҥэ 25 000 харчынан бириэмийэлээтилэр. “Фаворит” үөрэх киинин салайааччыта Михаил Евгеньевич Винокуров кыттыбыт дьиэ кэргэттэри 10 000 харчынан бэлиэтээтэ, “Эгопласт” ХЭТ салайааччыта Михаил Николаевич Соловьев Леонтьевтар (Людмила, Владислав) дьиэ кэргэттэригэр “Уруу” маҕаһыынтан үрүҥ көмүс киэргэли бэлэх уунна. Тэрийээччилэр ааттарыттан кыттааччыларга ДНС сыаналаах сертификата ананна.
Дьэ, бу курдук сахалыы аһы- үөлү тэнитэн, эмис этинэн мохсуо кэбиһэн, айыылартан, иччилэртэн үтүөнү көрдөһөн аны да кэлэр сылларга сылаас холумтаннаах, итии эркиннээх, айгыраабат акылааттаах, хороҕор муостааҕы хото хоннорор, сыспай сиэллээҕи сырыырҕатар, үс саханы үөскэтэр, түөрт саханы төрүттүүр ыччат дьон үүнэ- сайда, үөскүү турдун диэн, чөл туруктаах, үтүө үлэһит майгылаах, үгүс ситиһиилээх, үөскүлэҥ ыччаттаах ыал дьон кэлэ- олохсуйа турдун диэн көрдөстүбүт – ааттастыбыт.
Ыһыах- төрүт үгэһи үйэтитэр, айылҕалыын алтыһар, үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах буолууну эрэйэр, үтүө быһыы- майгы олохтонор төрүт түһүлгэбит буолар. Барыта үтүө санааттан тахсар тэрийсии, кыттыһыы, сыл тахсыбыт үөрүүнү үллэстии, аны да сылга бииргэ суулаһа сылдьан олоҕу уһансыы эйгэтин төрүттүүр барыбыт улахан түһүлгэтэ буоларын умнумуох.
Ыһыах мааны түһүлгэтин, оонньуутун- көрүн тэрийсибит биир дойдулаахтарбытыгар: Тихон Николаевич Скрябиҥҥэ, Ил Түмэн депутатыгар, Октябрь 50 сыла сопхуос салайааччытыгар; Андрей Анатольевич Варламовка “Нордголд менеджмент” ХЭТ СР представителигэр, Анатолий Анатольевич Григорьевка “Адем” ХЭТ салайааччытыгар; Михаил Евгеньевич Винокуровка “Фаворит” үөрэх киинин салайааччытыгар; Михаил Николаевич Соловьевка “Эгопласт” ХЭТ салайааччытыгар, Ян Владимирович Емельяновка, урбаанньыкка; 2 Дьөппөн орто оскуолатын 25 сыллааҕыта бүтэрбит выпускниктарга (кылаас салайааччыта Гермогенова С.Ю.), Анна Романовна Пахомоваҕа «Күөрдэм» маҕаһыын салайааччытыгар; Василий Александрович Борисовка, улуус депутатыгар; Николай Аркадьевич Моисеевка, фермерга, Виктор Петрович Леонтьевка, олох – дьаһах хаһаайыстыбатын операторыгар; Дмитрий Васильевич Михайловка, урбаанньыкка махталбытын тиэрдэбит. Арчы түһүлгэтигэр кыттыбыт оҕолорбутугар, алгысчыт Тамара Тимофеевна Тимофееваҕа, сиэр- туом силигин ситэрэр түһүмэх кыттыылаахтарыгар, ырыалаах – оонньуулаах түһүлгэ бары кыттыылаахтарыгар, тэрийсээччилэригэр, салайааччыларыгар Юлия Семеновна Скрябинаҕа, Дария Ивановна Скрябинаҕа, Анжелика Николаевна Лебедеваҕа, Праскавья Ивановна Сивцеваҕа, Галина Ивановна Ивановаҕа, Иван Алексеевич Алексеевка, иилээччи- саҕалааччы иистэнньэҥ дьоммутугар, оонньууларга көхтөөхтүк кыттыбыт бар дьоммутугар, ыһыах аһын- үөлүн хото тэрийсибит хорчуоппалаах дьиэ кэргэттэргэ, «Октябрь 50 сыла совхоз» ТХПК коллективыгар, үөрүүнү- көтүүнү үллэстибит, дьон сүргэтин көтөхпүт дьоммутугар, күрэхтэри дьүүллээбит жюриларга махтанабыт. Аны да сылларга бары бииргэ буолан түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ- тэриниэҕиҥ диэн ыҥырабыт.
«Ситим» КК дириэктэрэ Саргылана Федорова