ДАРКЫЛААХ САЙЫЛЫГАР ЫҺЫАХ ЫСТЫЛАР Бэс ыйын 27 күнүгэр Даркылаах сайылыгар, С.П. Латышев бэрэссэдээтэллээх «Сайдыы» ТХПК ыанньык сүөһүтэ турар сиригэр ыанньыксыттар ыһыахтара тэрилиннэ, төрүт түһүлгэтэ үйэ чиэппэрэ кэм ааспытын кэннэ түстэннэ. II Дьөппөнтөн икки көстөн ордук Даркылаах сайылыгар барарга бэс чагда быыһынан тупсарыллыбыт суолунан сыыйылыннаран тиийдибит. Бөдөҥ харыйа, тиит мастарынан тулааһыннаах ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут, хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх Сэбиэскэй кэм саҕаттан төлөһүйэн үөскээбит Даркылаах сайылыга, үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрдүбүт үлэһит дьон бастыҥнара, хоһууннара туруулаһан үлэлээбит, оҕо-уруу тэнийбит үтүөкэннээх алааһа, мааны ыалдьыттарын, дьонун-сэргэтин үөрэ көрүстэ.Ыһыах ыһыллар түһүлгэтэ киэргэтиллибит, ааспыт сылга «Октябрь 50 сыла» сопхуос үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ, кыһыл таҥаска тиириллэн онно аналлаах «Кыһыл муннук» анал истиэндэ турбут. II Дьөппөн нэһилиэгэ киэн туттар дьоннорунан, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах бастыҥ ыанньыксыт Екатерина Даниловна Мордовская, сүөһү үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлээх үлэһит Раиса Кириковна Павлова, «Үлэ албан аата» уордьан 3 истиэпэнин кавалера оҕуруот биригэдьиирэ Любовь Николаевна Николаева буолаллар. Үлэһит дьиэ кэргэттэр династиялара Февронья уонна Илларион Винокуровтар, кинилэр оҕолоро бары ыанньыксытынан, бостуугунан «Оскуола-производства-үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыынан бу сопхуоска үлэлээбиттэр. Ыһыах күндү ыалдьыта 86 саастаах Марфа Ильинична Скрябина кыргыттара,уолаттара эмиэ бары сопхуоска үлэлээн ааспыттар.Аҕыйах сыллааҕыта II Дьөппөн нэһилиэгин “Сайдыы” ТХПК быстар мөлтөх туруктааҕа. Үлэһит илии тиийбэтэ, сүөһү аһылыга кырыымчыга, хотон кыараҕаһа онтон да атын кыһалҕа бииртэн биир үксүү турара. Аныгылыы көрүүлээх бэрэссэдээтэл Сергей Петрович Латышев, уопуттаах салайааччы, управляющай Надежда Егоровна Ефимова уонна сайылык туруу үлэһиттэрэ биир сүбэнэн ыһыах ыһарга быһаарыммыттара, тэринэн барбыттара. От-мас ситэн, айылҕа барахсан тупсан турар кэмигэр, кэрии тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйар, күөх халлаан анныгар күөрэгэй чыычаах уруйдуу туойар, арыы оттоох күөл үрдүгэр тыыраахылар тыкаарыһаллар, онтон сайылыкка түптэ буруота унаарар.