А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК, Р.К. Захарова аатынан «Самыртай» музей уонна олохтоох библиотека нэһилиэнньэҕэ анаан араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар. Күһүҥҥү каникул кэмигэр оҕолору, төрөппүттэри аралдьытар сыаллаах сэбиэскэй кэминээҕи айымньыны талан квест оонньуу тэрийдибит. Николай Носов 1953-1954 сс. суруллубут айымньыта билигин да сүрдээҕин актуальнай. Оҕону элбэххэ үөрэтэр-такайар, толкуйдатар. Билбэччэй доҕотторун ааттарын квест кыттыылаахтара барытын билэллэр эбит. Кини олорор куоратын, уулуссатын уруһуйдаан, Тюбигы сөхтөрдүлэр, Цветик үөрэҕинэн хоһоон айдылар, Винтиктээх Шпунтик курдук буолта , гайка эрийдилэр, ону тэҥэ Кыһыл Бэргэһэчээҥҥэ остуоруйа таайдылар. Музей «Өбүгэ ситимэ» станциятыгар өбүгэлэрбит туттар малларын биллилэр, библиотека «Самыртай суолунан» станциятыгар “Туллукчаан” оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ оҥорбут «Уус кыһата» лото оонньуунан билиилэрин чиҥэттилэр. Музыка эйгэтигэр станцияҕа музыкаҕа сыһыаннаах терминнэри таайдылар, ыллаан көрдүлэр. Билбэччэйтэн кэлэн билиилэрин иһин бириис хомуйдулар. Дьэ, ити курдук оҕолор оонньуу бөҕөҕө кыттан, каникул кэмигэр дьиэҕэ олорон ахтыспыт санааларын тарҕаттылар, сүһүөхтэрин имитэн үҥкүүлээн, сүүрэн- көтөн ыллылар. Тэрийээччилэр оҕолор квест оонньууга көхтөөхтүк кыттыбыттарыттан, ыйытыыларга чопчу хоруйу биэрбэтэллэр да толкуйдаан, ырытан сөптөөх эппиэти була сатыылларыттан, билиигэ дьулуурдаахтарыттан уонна түмсүүлээхтэриттэн үөрдүбүт. Түмүккэ оҕолор барыбытыгар махтанан, үҥкүүлээбиччэ сылайбыт дьон быһыытынан үөрэ- көтө тарҕастылар.