«Алыптаах алгыстаах остуоруйа барахсан» дьоро киэьэтэ буолан ааста

  • Главная
  • Новости
  • «Алыптаах алгыстаах остуоруйа барахсан» дьоро киэьэтэ буолан ааста
"Остуоруйа истэр киэьэм - 
О5о сааьым чулуу дьоло,
Остуоруйа - бараммат кэм,
Остуоруйа - аптаах олох " (Иван Гоголев)


?????
Ахсынньы 14 кунугэр «Ситим» култуура киинигэр «Алыптаах алгыстаах остуоруйа барахсан» дьоро киэьэтэ буолан ааста.
Бу киэьэ биьирэмнээх ыалдьыта Россиятаа5ы наука академиятын Сибиирдээ5и салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна а5ыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар проблемаларын уерэтэр институт научнай улэьитэ, филологическай наука кандидата, фольклорист, саха остуоруйатын олонхотун чинчийээччи Надежда Васильевна Павлова буолла.
Саха остуоруйаларыгар анаммыт ус кинигэ бу куьун Дьокуускай куоракка Национальнай библиотека5а научнай общественность киэн аранатыгар ыытыллыбыта.
Надежда Васильевна — киэн билиилээх, дирин толкуйдаах, сэргэх сэьэннээх, кэрэ кэпсэллээх киьи. «Икки чаас ордугуна бириэмэни билбэккэ хааллыбыт, угус элбэ5и билэн — керен баран эрэбит» — диэн сылдьыбыт дьон санааларын уллэстэллэр.
Надежда Васильевна оскуола уонна нэьилиэк библиотекаларыгар кинигэлэрин бэлэх уунна, инникитин о5олорго анаан остуоруйа киэьэлэрин тэрийэргэ субэ — ама биэрдэ.
Биьиги ынырыыбытын ылынан, истин керсуьуугэ кунду ыалдьыт буолан, идэтийбит билиитин — керуутун уллэстибит Надежда Васильевна5а улахан махталбытын тиэрдэбит!
?????
«Ситим» КК

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *