Алгыстаах Аартык» түмсүү

??????
Айылҕаны харыстаан,
Ытык сирдэри ытыктаан,
Алгыстаах аартыгы арыйын.
Күөрдэм нэһилиэгин дьоно — сэргэтэ ытык- бэлиэ мастары кгрө харайа, билсэ — көрсө тахса сырыттылар.


Бу күһүн, «Алгыстаах Аартык» түмсүү Күөрдэм нэһилиэгэр ыалдьыттаан, айылҕаны кытта алтыһан, дьону-сэргэни кытта көрсүһэн, итэҕэл, төрүт култуура туһунан кэпсэтиһэн, киһи уйулҕатын, эйгэтин туһунан үөрэтэн барбыттара.
Ол түмүгэр, түөлбэлээн олорор нэһилиэкпит тулалыыр эйгэтигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, үүнэр кэнчээри ыччаппыт тирэхтээх, күрүөлээх буола улаатарын туһугар туһуламмыт кэккэ үлэлэр ыытыллыахтара.
Биир оннук хайысхалаах үлэнэн буолар, нэһилиэги арчылыыр, ыраастыыр ытык кэрэ мастары көрүү-харайыы, ыччат дьоҥҥо өйдөтөр үлэни ыытыы.
Биһиги нэһилиэкпитигэр ураты кэрэ айылҕалаах, ырыаҕа — хоһооҥҥо киирбит сир- уот баһаам буоллаҕа. Ыалдьыттыы кэлбит дьон, ааһан иһэр айанньыттар, кылгас кэмҥэ үлэлээн — хамнаан ааспыт да дьон — бары бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар. Ол курдук, «Нуочаха», «Кыһыл Сыыр «,» Хатыҥ Түбэ «,» Туруук Хайа «,» Күөл Онно» ,» Киэҥ Айаан».
«Тыыннаах айылҕа «-диэн тыл сомоҕо номох буолан өбүгэлэрбит үйэлэриттэн тиийэн кэлбитэ да элбэҕи этэр. Айылҕа тыыннаах, киһи курдук ыалдьар-ыарытыйар, хомойор — хоргутар, өлөр — кэхтэр.
Саха киһитэ айылҕаҕа чугас дииллэр, онон, тулалыыр эйгэбитин, түөлбэлээн олорор сирбитин — уоппутун көрө — истэ сылдьыах тустаахпыт.
Үөһэ этиллибит тыллар сибилигин айыллыбыт буолбатахтар — төрүт өйдөбүл. Ол эбэтэр, научнай термининэн «закодированная информация».
Билиҥҥи үйэҕэ (цифровизация, урбанизация уо.д.а), айылҕаны кытта ситиммитин быспакка, харыстаан — харыстанан олоруу өйдөбүлэ ордук сытыытык турда.
Муус устар ыйга «Нуочаха күнэ» диэн бэрт үчүгэй тэрээһин ааспыта. Нуочаха сиринэн, «Сынаһалаахха » булуллубут тимири уһаарар оһохтор тула Бүтүн Россиятааҕы НПК практическай чааһа ыытыллыбыта да элбэҕи этэр. Аны сайын, «Күөл Онно» сиригэр турар гражданскай сэрии кэминээҕи братскай могила обелискэтэ саҥардыллыаҕа.
«Алгыстаах Аартык» түмсүү үлэтин түмүктээбэт, өссө да көмө — ньыма буолуохтара. Кинилэр ыйыыларынан, холобур, бу күһүн «Хаҥалас улууһун» кыраныыссатын ыраастаатыбыт, бөҕүн — сыыһын хомуйдубут, салама баайар саҥа ситии ыйаатыбыт.
Ити курдук, барытын саба түһэн да буолбатар, ытык сирдэри үйэтитиигэ, экологическэй, научнай хабааннаах үлэлэр ыытыллыахтара.

Күндү ааҕааччым, тулуйан аахпыккар махтал))) уонна этиилээх, ыйытыылаах буолларгын эрийэн билсиэххитин сөп : 25-1-17 «Ситим» КК Александра Иванова

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *