«Ай– тут»  оҕо площадката

От ыйын 8 күнүттэн  А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК уонна Р.К. Захаров аатынан «Самыртай» музей көҕүлээһиннэринэн « Ай– тут »   оҕо площадката аанын арыйда. Площадка  оҕо дьарыктаах буоларыгар, сайдарыгар, алтыһарыгар ананна. Площадка үс студиялаах-билим, айар, чэбдигирдэр. Студиялар оҕоҕо саха култууратын, тылын- өһүн баайын истэ- билэ, саҥара, үтүктэ үөрэнэр соруктарын тутустулар. Ол курдук  оҕо атын дьону кытта алтыстаҕына, дьиҥ билэр дьонтон интэриэһинэйи  уу сахалыы  иһиттэҕинэ, ону тэҥэ дьарыктар төрүт муусука доҕуһуоллаах ыытылланнахтарына «Ай- тут» площадка туруоруммут сыалын ситиһиэ диэн санааттан анал программа аттарылынна.  Бастакы күн билим студияҕа П.Ядрихинскай- Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхону дорҕоонноохтук аахтылар, хомуска төрүт матыыптары тарда үөрэннилэр, маны Саргылана Семеновна Федорова үлэлэттэ. Айар студияҕа оҕолор Матрена Иннокентьевна Захарова тигэн бэлэмнээбит шопперыгар “Ай- тут” площадка логотибын түһэрдилэр. Сүрдээх болҕомтолоохтук, кичэйэн туран үлэлээтилэр. Чэбдик студияны тьютордар Саина Константинова, Виолетта Львова көҕүлээн ыыттылар. Оҕолорго флешмоб, сахалыы ырыа туруордулар. Биллэн туран оонньоттулар, сэһэргэстилэр. Студиялар быыстарыгар оҕолорго анаан «Самыртай» музейга, Николаевскай таҥара дьиэтигэр экскурсия тэрилиннэ,  оҕолор биир хамаанда буолалларыгар араас оонньуулар ыытылыннылар.

Иккис күн айар студияттан саҕаланна. Студияҕа Саргылана Федоровна Константинова маастар кылаастаата уонна кыргыттары суһуох, уолаттары төбөҕө кэтэр симэх оҥосторго уһуйда. Бу үлэ алын сүһүөх кылаас оҕолоругар төһө да ыараханын иһин, кыргыттар оҕуруонан тутта үөрүйэхтэрин, өҥү- дьүһүнү табалларын көрдөрдө. Уолаттар симэхтэрин силимнээн оҥордулар. Килиэйдээһин үлэтигэр сыстаҕастарын, үөрүйэхтэрин туоһулаатылар. Үс чаастаах үлэ түмүгэр оҕолорбут киэргэллэрин- симэхтэрин кэтэн олус астыннылар. Киэһэлик билим уонна чэбдик студия култуура, сынньалаҥ паркатыгар туризм күнүн тэрийдэ. Бивуак оҥостуута, айылҕаҕа миин буһарыы, туристическай ырыалар, билгэлэр ыытылыннылар. Билим студиябыт ыалдьыттарынан Андрей Дмитриевич Скрябин, предприниматель, нэһилиэк алгысчыта, Алексей Михайлович  Николаев «Индрайв» компания экс-программиһа буоллулар. Андрей Дмитриевич айылҕаны кытта алтыһыы сиэрин кэпсээтэ, айыылар, иччилэр, итэҕэл тула олус интэриэһинэй сэһэргэһии ыытта.  Алексей Николаев DJI FPV квадрокоптерын илдьэ кэлэн оҕолорго бу модель кыамтатын туһунан сиһилии билиһиннэрдэ, көтүтэн, салайтаран көрдөрдө. Дьэ, бу кэннэ туризм оонньуулара саҕаланна, тула олорон миин иһии, турист сэһэннэрин кэпсэтии, гитаралаах ырыа ыллааһына барда. Эдэр туристар кумаар хойуутун тулуйбахтаһа сатаан баран, сөпкө соҕус дьиэлииргэ быһаарсан үөрэн- астынан тарҕастылар.  Үһүс күммүт уус-уран тылга ананна. Манна аахпыт олоҥхобутун хатыылаатыбыт, хомуспут матыыптарын санатыстыбыт. Төрөппүттэргэ, ыалдьыттарга анаан олоҥхобутун ааҕан иһитиннэрдибит, хомустаан көрдөрдүбүт дьэ уонна саха уус-уран тылын чыпчаала буолбут олоҥхо киэһэтин тэрийэн олоҥхоһут ыччаппыт “Куйуур олоҥхото 2022, 2024 с.с”– 1 Үрдэл хаһаайката , СӨ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, А.Н. Жирков анал бирииһин, ХИФУ профессора Галина Семеновна Попова – Санаайа анал бирииһин хаһаайыннара, Амма улууһугар ыытыллыбыт «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» диэн Олоҥхо ыһыаҕар «Уһун тыыннаах олоҥхоһут» анал аат хаһаайына Прасковья Лебедева ойуулаах – дьарҕаалаах олоҥхо сэһэнин сэҥээрдибит. Бу киэһэ « Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр » олоҥхоттон быһа тардыытын иһиттибит. Олоҥхо эйгэтин иһиллээн олорооччулар сөрү диэн сөҕөн, махтайан ытыспыт тыаһынан доҕуһуоллаан, “ноо”, “дьэ” диэн сэҥээрэн аптаах-алыптаах эйгэҕэ киирэн ыллыбыт.

Төрдүс күн – “Төрүт ас – чөл олох төрдө” диэн тема тула ыытылынна. Манна саха төрүт астарын маастар кылаастара тэрилиннилэр. Оҕо хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан истэн, сылаастыы амсайан төрүт омугун  аһын сэргии – билэ үөрэнэригэр ананна. Манна арыы саламааты Дария Семеновна Киприянова, саха баахылатын Антонина Филипповна Архипова, алаадьы арааһын,битэмииннээх чээй (отон арааһа, эмтээх от) Людмила Дмитриевна Скрябина, быыппаҕы, отон утаҕын Матрена Иннокентьевна Захарова, үөрэ минин (ынах иһиттэн) Саргылана Семеновна Федорова оҕолорго көрдөрөн туран буһаран амсаттылар, маанылаатылар. Оҕолор сахалыы астар ааттарын, араастарын туохтан оҥоһуллалларын биллилэр, тото –хана аһаатылар, күрэхтэстилэр. Бу күн «Ай- тут» оҕо площадката түмүк таһаарда. Оҕолор уонна төрөппүттэр бары олус сөбүлээн, туһалаах сынньалаҥ ааста диэн биһирээтилэр. Маастар кылааска оҥорбут шоппердарын бэлэх туттулар.

Бэһис күн- култуурнай экскурсияҕа ананна. Туймаада эбэ дьогдьойор киинигэр, томтойор саалыгар Дьоллоох Дьокуускай куоракка  «Ай- тут» оҕолоро, төрөппүттэрэ М.Ф. Габышев аатынан СӨ национальнай художественнай музейыгар “Русский музей” фондатыттан  «Айвазовский и великие русские маринисты» быыстапканы көрдүлэр. НХМ «Гавань мастеров» саалатыгар оҕолор уруһуйдаатылар, уоттаах остуол планшекка кумаҕынан дьарыктаннылар, И.К. Айвазовскай туһунан виртуальнай музей кэпсээнин иһиттилэр- көрдүлэр. Үрдүк искусство биһигэр оҕолор сирэйдиин сырдаан, санаалыын чэпчээн тобус- толору уоскуйан таҕыстылар. Төрөппүттэр бөлөхтөрүн сөхпүт-үөрбүт оҕолор хаартыскалара толорон, ийэ- аҕа сэргээбит илиилэрэ күөрэстилэр. Искусство эйгэтигэр бэйэлэрин холонон көрбүт оҕолорбутун кытта аны тыйаатыр эйгэтигэр – саха тыйаатырын 118 –c сезонун сабыллыытыгар үлэх быһыытынан тиийдибит. Туһааннаах сорукпут «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» диэн испэктээххэ сылдьыы. Кылгастык историятын сырдаттахха, Хаҥалас кинээһэ,  Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары Баһыакап,  үрдүк таҥараҕа тиксэн, Намтан Мыымах сиэнэ  Нохто уонна  Мэҥэттэн Быйаҥ Төҥүлү сиэнэ  Тирэх буолан  – үс кинээс, Саха сирин бэрэстэбиитэллэринэн талыллан улуу Ыраахтааҕыга барыылара, айаннара ойууланар. Феодор Алексеевич Романов – Бүөтүр I убайа, кини троҥҥа олоруон инниттэн сахалар ыраахтааҕыны кытта көрсүһэ сатыыр этиилэрин туһунан истэр эбит. Кэмэ кэлэн үс саха чулуу дьоно мындыр толкуйдарын, күүстээх, дьулуурдаах санааларын холбуу тутан аарыктаах айаҥҥа туруналлар. Биһиги дьоммут Арассыыйа ыраахтааҕытыгар Феодор Романовка тиийэн, тыҥаан турар кыһалҕаларын, юридическай, экэнэмиичэскэй боппуруостары туруорсубуттар. Бу сүрдээх илистиилээх, сылаалаах айан туһунан кэпсээни оҕолорбут  үс чаас устата интэриэһиргээн көрбүттэриттэн биһиги, салайааччылар олус диэн үөрдүбүт. Ол курдук испэктээх көрөөччү болҕомтотун, буолаары буолан кыра саастаах көрөөччү болҕомтотун олус тарта. Оҕолор испэктээх ис хоһоонун быспакка көрдүлэр. Испэхтээх сюжеттара, уота- күөһэ, муусуката, тыаһа – ууһа, актер оонньуута, куолаһын тембрэ бииртэн биир сэргэх, сонун. Ардах- хаар быыһынан айаннатан, хайа- очуос быыһынан түһэ- түһэ тахсан сыра- сылба, күүс – сэниэ эстэр айанын актердар олус итэҕэтиилээхтик оонньоон арыйдылар. Ол быыһыгар сүрүн көмө – айыы оҕото Дьөһөгөй, ол аата итэҕэл. Саха мындыр көрүүтэ, айылҕаҕа , тыынар- тыыннаахха итэҕэлэ.  Киһи күҥҥэ түөрт уон моһолу туоруур диэн  саха мындыр этиитэ уот харахха буолан биэрдэ. Испэктээх киһи моһолтон- мэһэйтэн бэйэтин кыайдаҕына үрдэлгэ үктэнэрин туоһулуур. Сүрүн режиссер Сергей Потапов, ааптар Утум Захаров испэктээх туран эрэрин туһунан суруйууларын аахпыт дьон бары да олус күүтэ сылдьыбыппыт. Манна даҕатан эттэххэ, Күөрдэмнэр Самыртай хочотугар аан бастаан кэлбит Самыртай тойонноох туһунан уус-уран айымньы суруйтара сылдьабыт, оттон гуманитарнай институт «Күөртээх Күөрдэмнэр» диэн научнай- популярнай таһаарыы бэлэмнээн сытыарар. Өссө эбэн эттэххэ, Маһары Баһыакап историятын чинчийэргэ гуманитарнай институт грант ылбытын истэн олус астынныбыт. Онон, Хаҥаластар историябытын хайаан да үөрэтэн, оҕолорбутугар кэпсиирдээх буолуохтаахпыт диэн санаабыт өссө эбии тирэхтэннэ.  Дьэ, ити курдук «Ай- тут» оҕо площадката силигин ситэрэн оҕолорбутугар туох эмэ умнуллубаты, үйэлээҕи биэрдэрбит диэн санаанан салайтаран биэс күннээх үлэбит түмүктэннэ. Оҕолор да, төрөппүттэр да махталларыттан санаабыт кынаттанан, эһиил эмиэ бу курдук былааннанан үлэлиэхпит диэн астынан тарҕастыбыт.

Саргылана Федорова

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *