Айылҕам абылыыр күүһэ

Бүгүн Туймаада эбэ туонатыгар самодеятельнай худуоһунньук, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Игорь Гаврильевич Константинов «Айылҕам абылыыр күүһэ» диэн айар быыстапката Национальнай библиотека кыһатыгар арылынна. Худуоһунньук Күөрдэм көнө хонуутугар күөлэһийэ оонньообут, ыраас уутугар сөтүөлээн чомполообут , эргэнэ хара тыатынан булту батыһа кэрийбит, үс аатырбыт үрэхтэр үмүрүтэр уйгулаах ууларын ыймахтаабыт, Өлүөнэ эбэ хотун үтүөкэн тыынын иҥэриммит илгийэр алыптаах хартыыналарын көрөөччүлэргэ уунна. Игорь Гаврильевичка бу күн алгыс үтүө тылларын биир дойдулаахпыт Ил Түмэн депутата, Россия наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы научнай киин салайааччытын солбуйааччыта Тихон Николаевич Скрябин;

Россия худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ,Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха республикатын национальнай художественнай музейын генеральнай директорын научнай үлэҕэ солбуйааччыта, Российскай федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ,Луначарскай бириэмийэтин лауреата Галина Гаврильевна Неустроева ; саха биллиилээх худуоһунньуга, Россия худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ Александра Бочкарева-Иннокентьева -Сууралдьыма Куо, биир дойдулаахтара, идэлээхтэрэ тириэртилэр. Бу күн» Айар кут» суруйааччылар регионнааҕы сойууһун хоһоонньуттара Игорь Гаврильевич хартыыналарыгар тута айбыт хоһооннорунан көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр.

Айар үрүҥ Атым

Айар атым үрүҥ күүс
Аһар тыыммын ситэн куус!
Хоһоон кутуллуо араас
Хоһуйар кутум чараас!

Мааны атым ыҥыырдаах
Маҕан ахсым кынаттаах
Атым миэнэ айдарыы
Алыб тыла алҕыаҕа!
Үрүҥ кутум тумана
Үрдүк күҥҥэ тунаара
Үрэр силлиэ быыһынан
Үөһээ сиэллэр былыкка!
Айаас сиэлэ ыһылла
Үрүҥ Айыы кыырайар
Айар суолбун ытыйа
Үүнэр күммэр ыҥырар!
Сипсий кэлэр тыалынан
Силбиэм кэрэ тылларын
Сырдык айыы хоһуллуо
Сиргэ айыам хоһоону!
Айар кутум сэрэнэн
Аргыый кууһан сэгэйэр
Хоһоон тылын тэлгэтэр
Хонуу тыллар тэтэрэн!
Атым миэнэ айдарыый
Алгыс тылы анаарыый
Үүт ураннаан симээриий
Үрдүккэ ат сиэллэриий!

Зоя Кэкэрдэ

ХАРТЫЫНАТТАН САНАА

Кэрэ сиргэ олорорбутун
Бу хартыына көрдөрөр,
Худуоһунньук холустаҕа
Дьиҥ баары «хоһуйар».

Кини бэйиэт дууһалаах-
Санаатын ситимэ тиһиллэр,
Ойуу-дьарҕаа быыһыттан
Айылҕа тыына иһиллэр.

Чуумпу нуурал киэһэҕэ
Туруук хайа сынньанар,
Үөһэттэн өрүс уутугар
Ыйбыт күлүгүн көрүнэр.

Сахам сирэ кэрэтиэн-
Хоһоон айыллар,ырыа ылланар,
Худуоһунньук киистэтинэн
Холустаҕа үйэтитиллэр.

Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ

*

Уоскулаҥ наҕылга уйдаран
Устар уу сүүрүгэ чуумпуран
Иһиллиир тулатын көрүнэн
Дьэҥкирэ мууһурбут кытылын

Айылҕа маанытын ситэрэн
Көҥүлгэ көөчүктүү көтүһэн
Сыһыыга сырсыһар сылгылар
Үрэхтэн уу иһэ киирдилэр.

Дьэс өҥө оһуордаах кытылга
Дьиктитин алыптаах айылҕа
Сүүрүктээх үрэхпит көстүүтэ
Сүргэбин үөртэҕиэн көтүтэ

Прасковья Тумусова-Туску

Бу курдук иэйии алыптаах түһүлгэтэ хоһоон холбоһуктаах, ырыа ыпсыылаах, алгыс тыл арыаллаах буолла. Быыстапка национальнай библиотека кыһатыгар ахсынньы 22 күнүгэр диэри туруоҕа. Кэрэни кэрэхсээччилэр быыстапканы кэлэн көрүҥ, сылдьыҥ, сэҥээриҥ диэн ыҥырабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *