Аан Дархаммыт Михаил Ефимович Николаевка анаммыт  сөрүө туһунан

  • Главная
  • Новости
  • Аан Дархаммыт Михаил Ефимович Николаевка анаммыт  сөрүө туһунан

Уйан иэйии кынаттанан
Уран ууска чочуйуллан
Дьөһөгөйүм көҥүлүнэн
Мааны сөрүө өрүлүннэ

(ааптар)

Туруук хайа тулалаах, кыһыл кумах кытыылаах, хатыҥ чараҥ алаастардаах Күөрдэм көнө хонуутугар күөлэһийэ улааппыт,  Бүүтэҥэ үрэх дьэҥкир ыраас уутун ыймахтаабыт, үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ хотун мааны сыһыытыгар лыахтыын тэҥҥэ сырсыбыт, Муҥур өньүөс сыырын сылаас сырдык кумаҕар сайыҥҥы куйааска сыламнаабыт, өбүгэтин олохсуйбут сиринэн – Нуочаханан, Күөл оннунан, Чаппараайынан  туос сатыы хааман кэрэни кэрэхсии, сонуну одуулуу көрбүт, онтун оһуор-ойуу гынан тиспит, хоһоонугар хоһуйбут, ырыатыгар симээбит кэрэ киһибит- Дьөппөммүт сирин Далбар хотуна Галина Ивановна Иванова- Айтыына Уран буолар.

Айтыына Уран- Күөрдэм төрүт олохтооҕо, уус дьон Гермогеновтар, Ефремовтар  сыдьааннара. Кэрэни кэрэхсиир сүдү талаан этигэр- хааныгар иҥмит буолан,  Айтыына Уран  СР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Арктика искусствотын худуоһунньуктарын  сойууһун чилиэнэ, СР ырыаһыт автордар сойууһун чилиэнэ, Хаҥалас улууһун норуотун маастара, Күөрдэм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагог- маастар буолар. Эргиччи талаан, оҕону, киһини уһуйар ураты дьоҕур. Эриэккэс ырыаһыт, мелодист. Гимн курдук дьоһун айымньылары, эйэҕэс иһирэх матыыптаах уйан ырыалары айар ааптар. Хаҥалас улууһун Эбии үөрэхтээһин  педагогтарын, Хаҥалас улууһун култууратын үлэһиттэрин, 2 Дьөппөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, Хаҥалас улууһун Тумул нэһилэгин, олохтоох 25№дээх  «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин, «Изумрудный город» Оҕону сайыннарар киин иитиллээччилэрин гимнэрин айан- суруйан таһаарбыт ааптар. Айтыына Уран 80 ча ырыатын билигин саха эстрадатын ырыаһыттара Сахая, Александр Бурнашевтар «Бар дьоммор», Андрей Шадрин «Хаҥалас кыргыттара», Намыына «Дьокуускай куоратым», Чыскыырай «Олох», Тахмина «Ньургуһуннар»уостан түспэт ырыа гынан ыллыы – туойа сылдьалларыттан биһиги, олохтоохтор, олус үөрэбит. Галина Ивановна Күөрдэмнээҕи «Холумтан» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин көҕүлээн, саха сылгытын киэргэлин тигэн,  2014 с. Олоҥхо ыһыаҕын Лауреата буолар ааты ситиспиттэрэ. Кини илиитин сылааһа сыһынна эрэ ситиһии сиэттиһэр. Галина Ивановна сылтан сыл саҥаны сонуну арыйар. 2017 с. Күөрдэм ытык кэрэ сирин  Туруук хайаны хоһооҥҥо холбоон, республика үгүс улууһуттан суруйааччылары түмэн кинигэ таһааттарбыта, экология сылыгар биһирэммитэ. Нэһилиэккэ «Иэйии», «Сыдьаайа» кэрэ аҥардар ансамбылларын салайааччыта. Сэргии, кэрэхсии көрбүтэ ырыа-оһуор буолан тиһиллэн иһэр. Галина Ивановнабытынан киэн туттабыт, биһиги сүдү кылааппыт, нэһилиэкпит тумус туттар Далбар хотуна.

Бу Аан Дархан сөрүөнэн өрүллүбүт портретын ааптара Галина Ивановна — Айтыына Уран буолар. Айтыына Уран сөрүө туһунан маннык кэпсиир: «Сөрүө Аан Дархаммыт Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр анаммыта. Маны үлэлиир тэрилтэм Хаҥалас улууһун Эбии үөрэхтээһинин киинэ үлэспитэ. Сылгы сиэлинэн оҥорон көрөргө холоммутум. Олус түбүктээх, былыргылыы ньыманан хатан оҥоһуллубут үлэ. Оҥорорбор бириэмэм олус татым буолан, дьиэм дьоно, оҕолорум, дьүөгэлэрим, ким көмөлөһөр кыахтаах сууйсан-хатыһан илии –атах буолбуттара. Сөрүө матырыйаалын оҥорор, бэлэмниир үлэбэр улаханнык көмөлөспүттэрэ. Сиэли сөрүө ньыматынан өҥҥө- дьүһүҥҥэ арааран наардаабытым. Алта – сэттэ дьүһүнү аттаран өрбүтүм. Хартыынаны өрөр үлэҕэ оскуола үөрэнээччилэрэ Константинова Саина, Аввакумова Нарыйа, кыра кылаас кыргыттара кэлэн көмө- ньыма буолбуттара. Оҕолор дьарыкпар сылдьар буоланнар, сөрүөнэн өрүү ньыматыгар үөрэммиттэрэ. Сөрүө бэрт кылгас кэм иһигэр, ыйтан эрэ ордук тиһиллибитэ. Бу 2022 с. алтынньы ый  этэ». Ити курдук бэрт судургутук, холкутук сөрүө ааптара үлэтин билиһиннэрэр. Онтон сөрүөнү көрбүт эрэ киһи бары сөҕөр- хайдахтаах уустук үлэний, мындыр оҥоһуунуй! Маны ураты талаан эрэ кыраҕытык кыҥаан, мындырдаан, ис иһиттэн иэйэн туран өрүөн сөп. Ити истиҥ тылларга сөбүлэһэн уонна махтанан туран, Галина Ивановнаҕа айар талаана сыдьаайар сулус буолан сырдыы- ыҥыра турдун, саҥа сонун бырайыактар ааннара арыллан истин диэн баҕа санаабыт бастыҥын тиэрдэбит. 

Саргылана Федорова

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *