Самыртай хочото былыр – былыргыттан хороҕор муостаах холбоспут, сыспай сиэллээх сырыырҕаабыт угут үтүө дойду буолар. Манна XXс үйэ 30-с сылларыттан коллективизация ыытыллыаҕыттан, бастакы табаарыстыбалар тэриллибиттэрэ. Жданов (Бастакы Дьөппөн), Калинин (иккис Дьөппөн), Сталин (Хачыкаат) аатынан колхозтар, кэлин бөдөҥсүтүллэн «Октябрь 50 сыла» совхоз аатын ылбыта. Орджоникизевскай оройуон илин эҥэр нэһилиэктэрин барыларын түмпүтэ. Оччолортон бүтүн республикаҕа сүөһү иитиитигэр бастыҥ уопуту тарҕаппыт совхоз буолбута. Оттон билигин үтүө үгэс умнуллан хаалбакка Күөрдэм нэһилиэгэр – кэтэх хаһаайыстыбаларга 229 ынах сүөһү, «ОКТЯБРЬ СЫЛА СОВХОЗ» ТХПК – 320 ынах иитиллэ турар. Уопсайа –549 төбө сүөһү баар. Нэһилиэккэ уопсайа – 872 төбө сылгы иитиллэр. Ол аата олохтоох дьоммут төрүт дьарыктарын умнубакка, ыарахан диэн аахсыбакка сайыҥҥы былдьаһыктаах кэми от үлэтигэр атаараллар.
А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК көҕүлээн «Охсуллубут от сыта» диэн хаартыска күрэҕин тэрийэн ыытта. Биир күн дьылы туоратар диэн өс хоһоонунан сиэттэрэн саха төрүт дьарыгын салҕыыр, үйэтитэр, харыстыыр дьиэ кэргэттэр икки ардыларынааҕы күрэх буолла. Күрэххэ дьиэ кэргэн оттуур сирин, тэрилин, үлэтин түмүгүн, дьиэ кэргэнинэн оттуу сылдьарын кэпсиир хаартыскаларын ыытыахтаах. Күрэхпитигэр 7 ыал кытынна. Ыаллар халыҥ аймах буолан бииргэ көмөлөөн оттуулларын сэһэргиир олус интэриэһинэй кэпсээннээх хаартыскаларын туттубут. Хаартыскалары талан маннык ааттары анаатыбыт:
Филипповтар дьиэ кэргэттэрэ (Сусанна Владимировна, Александр Владимирович)-Оттуохпут- эти- үүтү дэлэтиэхпит
Климентовтар дьиэ кэргэттэрэ — Күбүнү хоһуун отчуттара
Константиновтар дьиэ кэргэттэрэ – Тоттойоҕо кыраабыллар күөрэйдилэр
Гермогеновтар дьиэ кэргэттэрэ- Халыҥ аймах- Тэлгэһэттэн-арыыга отчут суола тыргыллар (Быбаалыкы, суордаах тумул кытыла)
Прокопьевтар дьиэ кэргэттэрэ- Утум салҕанар- Эһээ кыдамата
Захаровтар дьиэ кэргэттэрэ (Саргылана Васильевна, Ньургун Рудольфович)- Киэҥ Быбаалыкыга
Самсоновтар дьиэ кэргэттэрэ (Анна Сергеевна, Федор Дмитриевич)- Саамай кыра отчут
Кыттыбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит. Бу курдук өбүгэттэн илдьэ кэлбит баайбыт- хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитии умнуллубакка көлүөнэттэн –көлүөнэҕэ бэриллэ турдун. Үллэр үүт, аллар арыы, сөлөгөйдөөх сүөгэй, быстыбат быйаҥ буолан күүһү- уоҕу, кыаҕы биэрэ туруохтун.Уонна кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар үлэҕэ тапталы, үгэскэ харыстабылы иҥэриэхтин.
«Ситим» КК