Бэс ыйын 1 күнүгэр «Түөлбэ оһуохайа» улуус иһинэн ыытыллар оһуохай көрүү — күрэһин чэрчитинэн ыытыллар 2-Дьөппөн нэһилиэгин оһуохайын түһүлгэтэ сынньалаҥ пааркатыгар тэрилиннэ.
Бу күн улуус кииниттэн оһуохайы көрүү дьүүллүүр сүбэтэ тахсан Самыртай нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан көрдө — иһиттэ. Ол курдук, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Эркээни эдэр сааһа» норуодунай үҥкүү ансаамбылын салайааччыта, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, түөлбэ оһуохайын көҕүлээччи, чинчийээччи, тарҕатааччы — Василиса Романова; Хаҥалас улууһун оһуохай түмсүүтүн салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун» Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин дириэктэрэ — Лидия Харитонова ; СӨ култууратын туйгуна, «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин методиһа — Наталья Федорова.
Түөлбэ оһуохайын таһаардылар: «Эркээни эдэр сааһа» үҥкүү ансаамбылын маҥнайгы солистарыттан биирдэстэрэ, Москва куоракка «Дворец сьездов» үҥкүүлээбит уус-уран самодеятельность активнай кыттыылааҕа, сцена бэтэрээнэ,
Александр Никитич Захаров; Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын бүтэрбит эдэр специалист, билигин Е. Туласынова аат. «Туллукчаан» оҕо уһуйааныгар музыкальнай салайааччынан үлэлиир — Михаил Евгеньевич Адамов уонна «Ситим» култуура киинин дириэктэрэ Александра Новоприезжая.
Күөх дуолга, көҥүл салгыҥҥа оһуохай түһүлгэтигэр мустубут нэһилиэкпит дьоһун — мааны дьонугар тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Үгүс үтүмэн үйэлэргэ өбүгэбит барахсан инчэҕэй этигэр иитиэхтээн кэлбит үтүө үгэһэ — Оһуохай үҥкүүтэ сүтэн — симэлийэн хаалбакка, түһүлгэтэ кэҥээтин, кэскилэ киэркэйдин!
«Ситим» култуура киинэ ♦️