Биһиги республикабытыгар араас хайысхалаах музейдар бааллар. Олортон биирдэстэрэ — 2-Дьөппөн нэһилиэгин
Р.К.Захаров аатынан «Самыртай» музей-комплекс буолар.
Бу күн Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах музей фондатыттан быыстапка ону сэргэ «Күөрдэм кустуга» уруһуйдьуттар түмсүүлэрин «Дойдум умнуллубат көстүүтэ» быыстапката турда. Бу хартыыналарга Дьөппөн урукку кэминээҕи тутууларын, хаартыскаттан көрөн уруһуйдаабыт үлэлэрэ. Урукку кэминээҕи хаартыскалар буоланнар хараҥа уустук өҥнөрү туһанан дьүөрэлээн уруһуйдаан, киһи кэрэхсии көрөр. Уруһуйдуур кэмнэригэр улуустан специалист Семенова Галина Дмитриевна киирэн араас өҥү булкуйан уруһуйдуурга үөрэтэн, элбэҕи
сүбэлээбитэ. Быыстапка көрүү кэнниттэн «Мин Саха сирэ» диэн интеллектуальнай оонньууга 2 хамаандаҕа арахсан оонньоотулар. Түмүккэ музей үлэһиттэрэ итии чэйдээх, минньигэс тортаах остуолга ыҥыран тула кэпсэтэн-сэһэргэһэн түмүктээтилэр.