Муус устар 27 күнүгэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын Күөрдэм нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ сүргэтэ көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр. Үөрүүлээх тэрээһин нэһилиэкпит дьонун парадынан саҕаланна. «Ситим» КК аттыттан Саха Сирин былаахтарын күөрэччи тутан оскуола иннигэр тиийдилэр. Торжественнай чааска аҕа баһылыкпыт Константинов Александр Николаевич, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александров Владимир Иванович, нэһилиэк депутата Ефимов Николай Николаевич, оскуола учуутала Гермогенова Валентина Герасимовна өрө көтөҕүүлээх тыллары эттилэр. Ол кэннэ Саха Сирин туһунан хоһоон этилиннэ, сахалыы тойук эйээрдэ, элбэх ырыа ылланна. Түмүгэр Саха төрүт түһүлгэтин оһуохайы оройуттан туттубут, бары биир сомоҕо буоларбытын туоһулаан күргүөм оһуохайы төрүттээтибит.
Күнүс 2 чаастан Роберт Константинович Захаров аатынан «Самыртай» музейга аһаҕас аан күнэ биллэриллэн элбэх дьон- сэргэ кэлэн, «Дойдум умнуллубат көстүүтэ» уруһуйдуур дьоҕурдаах биир дойдулаахтарбыт быыстаркатын, реставрацияламмыт таҥарабыт дьиэтин көрөн сөҕөн-махтайан, үөрэн-көтөн, хаартыскаҕа түһэн тарҕастылар. Өрөгөйдөөх күҥҥэ бииргэ буолбуккутугар махталбытын тиэрдэбит🚩🚩🚩
Суруйда, Захарова Матрена Иннокентьевна. Р.К.Захаров аатынан «Самартай» музей-комплекс сэбиэдиссэйэ.