??????
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт Күөрдэм нэһилиэгин тэрилтэлэрин уонна эдэр дьиэ кэргэттэрин икки ардыгар социальнай видеоролик курэҕэ ыытылынна. Балаһыанньа быһыытынан кыттааччы 3 сүрүн тиэмэттэн талан ылан, тиэмэни толору арыйар, үөрэтэр — сырдатар, ыҥырар — көҕүлүүр ис хоһоонноох видеоролик уһулан ыытыахтаах.
Ол курдук,
«Саха омук төрүт аһа — чөл буолуу төрдө»
- Юлия, Иннокентий Прокопьевтар дьиэ — кэргэн
- Мария, Николай Поисеевтар дьиэ — кэргэн
- Е. Туласынова аат. «Туллукчаан» оҕо уһуйаана (Галина Захарова, Людмила Леонтьева)
«Сахалыы кинигэни аах — үгүһү билиэн, үүнүөн!» — Майя Скрябина дьиэ — кэргэнэ кытынна.
«Сахалыы таҥныахха, сиэдэрэйдик симэниэххэ! » — Ольга Скрябина уонна» Самартай» музей улэһиттэрэ Матрена Захарова, Февронья Ефремова кытыннылар.
Бу күрэххэ, СХПК «Бөртө — Ас» (дириэктэр Павлов Александр Васильевич), СХПК «Самартай» (дириэктэр Аммосов Егор Владимирович) онорон таһаарар продукцияларын бириис быһыытынан туруордулар.
Күрэх кыайыылааҕынан Юлия, Иннокентий Прокопьевтар дьиэ — кэргэн видеороликтара буолла. Прокопьевтарга «Бөртө-Ас» СХПК продукцията сүрүн бириис быһыытынан туттарылынна.
???????
Уонна күрэх бары кыттыылаахтарыгар «Самартай» СХПК
бириистэрэ үөрүүлээх быһыыга — майгыга туттарылынна.
???????
Тэрийээччилэр уонна күрэх кыттыылаахтарын аатыттан бириис туруорбут Хаҥалас улууһун киэн туттар хаһаайыстыбаларын салайааччыларыгар, үлэһиттэригэр БАРҔА МАХТАЛБЫТЫН тиэрдэбит!
??????????
Үтүмэн үлэҕит үтүө түмүктэрдээх буоллун, үйэ — саас тухары үллэ турар үптээх буолуҥ!
Дьоһун-мааны дьоллоох — соргулаах буолун!
???????
«Ситим» култуура киинэ