Ахсынньы 11 кунугэр «Ситим» култуура киинигэр «Тыыннаах музыка киэьэтэ» буолан ааста.
2 Дьеппен орто оскуолатын иьинэн тэриллибит «Дайан» ВИА салайааччыта Кузьмин Валерий Семенович ке5улээьининэн кулууп сыанатыгар оскуола о5олорун ВИА-лара толору кэнсиэр кердердулэр. Немугу нэьилиэгиттэн «Эрэл» уонна «Сырдык санаа» ВИА салайааччыта Яковлев Павел Павлович о5олорун кытыннарда. Былырыын Немугу ВИА-лара биьиги нэьилиэккэ ыалдьыттаабыттара, истээччилэр да, салайааччылар да бэлиэтээбиттэринэн, о5олор сайдыбыттар, сатабыллара урдээбит.
Бу киэьэ, Мэнэ — Ханалас улууьун Ороссолуода нэьилиэгиттэн «Сатал» ВИА ыалдьыттаата. Салайааччы Попов Ньургустан Егорович 7-8 кылаас уолаттарын дьарыктаан номнуо хас да республика, улуус курэхтэригэр ситиьиилээхтик кыттыбыттар.
Тыыннаах музыка5а тапталы иитэр, о5о ыллыыр, мелодия айар дьо5урун сайыннарар идэлэригэр бэриниилээх салайааччылар уьуйар о5олорун батыьыннаран, биир сыана5а тумэн, бэйэ — бэйэлэрин истэр, бэйэ — бэйэлэриттэн уерэнэр эйгэни тэрийэллэрин керен киьи уерэр, ымсыырар.
ВИА кэнсиэригэр 17 араас биллэр композиция оонньонно: «Саас кэлиитэ», «Ой дуораана», «Манан хаар», «Ыллаа — ыллаа «, » Балыктаах киэьэтэ», «Итэ5эй, до5оруом», «Куех халлаан» уо.д.а. Ону таьынан, Немугу ВИА ансаамбылларын сал — та Яковлев П. П.авторскай ырыалара уонна «Сырдык санаа» ритм — гитариьа, вокалиьа, мелодия суруйарга холонор Куннэй Адамова хас да ырыаны толордо.
О5олорго уонна салайааччыларга айымньылаах улэни, урдук ситиьиилэри, дьулууру ба5арабыт!
????
«Ситим» КК