Бэс ыйын 9 кунугэр, 2-Дьеппенне «Самартай» уокуругун нэьилиэктэрин ыччат туристическай слета буолан ааста. Айыл5а маанылаабыт сиригэр, » Кыьыл Сыырга» Хоточчу нэь. «Эрэл» ыччат тумсуутэ, Хачыкаат нэь.»Урдэл» ыччат тумсуутэ уонна 2-Дьеппен «Курулгэн» ыччат тумсуутэ 8-тыы киьилээх хамаанда туруоран, биир кун устата араас куонкурустарга, спорт.курэхтэргэ илин-кэлин туьустэ, атах-тилэх баттаста. Ол курдук, «Лучшая визитная карточка», «Лучший бивуак слета», «Лучший обед слета», «Лучшая стенгазета», «Куердэм кытыла» сольнай ырыа конкурса, » Уран тыл оьуордьута» хоьоонньуттар курэхтэрэ ыытылынна. Ону таьынан, спортивнай керуннэргэ — «Туристская эстафета», «Прохождение полосы препятствий», » Снайпер» пневм.винтовканан сыал ытыы, «Эр Хоьуун» нац.керуннэргэ многоборье, канат тардыьыыта. Хамаандалар бары олус куускэ бэлэмнэммиттэр, кытаанах киирсиилэр буолуталаатылар. Тумуккэ, 1 миэстэ -Хачыкаат хам., 2 миэстэ — Хоточчу хам., 3 миэстэ (бэрт кыранан хаалан) — 2-Дьеппен хам.буолла. Тэрээьиннэ суурэн-кетен кемелеспут суоппардарга, олохтоох дьаьалта баь.А.Н.Константиновка, ыаллыы сытар нэьилиэктэр дьаьалталарыгар, тэрээьин ыытыытыгар кемелеспут «Дьулуур» с/з дир.Н.Е.Киприяновка махталбытын тиэрдэбит!???????? Бу турслетка анаан-минээн «Самартай» ыччатын сомо5олуур эмблема онотторон «сурэхтээтибит». Эмблема автора — Галина Иванова- Айтыына Уран ??????? Кыттыыны ылбыт хамаандалар бэркэ диэн астынан, уерэн-кетен, махтанан таргастылар.