«Бу мин дойдум – Күөрдэмим
Үлэм, үөрүүм, кэскилим.
Таптаан туойар тойугум,
Ахтан ыллыыр биһигим.
Төрүт сирим – Дьөппөнүм
Куппун туппут биһигим,
Дьолу тутар түһүлгэм
Үүнэр-сайдар мин түөлбэм…»
(Г.Иванова – Айтыына Уран)
2017 сыл – 2-с Дьөппөн нэһилиэгэ бастакы историческай докумуоҥҥа киирбитин 250 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылынан биллэриллибитэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ, 2-с Дьөппөн нэһилиэгэр 996 кэриҥэ киһи олорор. Түөрэхпитин түһэрбит, төлкөбүтүн түстээбит төрөөбүт нэһилиэкпит үбүлүөйдээх сылын бары бүттүүн дьоһуннаахтык бэлиэтээн, кэлэр кэнчээри ыччакка сайдар суолларын солоон, үлэни – хамнаһы, хаһаайыстыбаны тупсарыыга көхтөөхтүк ылсан, кэтит кэскиллэрин торумнаан, үлэ-үөрэх, олох-дьаһах оҥкулун дьоһуннаахтык тута сылдьаллар, нэһилиэк сүнньүн тутан олорор тэрилтэлэр тэтимнээхтик үлэлии-хамныы олороллор.
Быйыл нэһилиэккэ киин уулусса асфальтааһына бүтэн, айан-аартык суола кэрэ-мааны көстүүлэннэ. Нэһилиэккэ эдэр каадырдары олохсутууга, үлэлиир, олорор усулуобуйаны тупсарыыга болҕомто ууруллан, икки түөрт кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах уопсай дьиэлэр киирдилэр. Култуура уонна сынньалаҥ паарката саҥа тутууларынан киэркэйдэ, ыччат олохсуйар саҥа учаастагын суола кутулунна, ат сүүрдэр саҥа ипподром оҥоһулунна, нэһилиэк иһинээҕи суоллары сырдатыы линията тупсарылынна уонна да үгүс кыра-улахан үлэлэр ыытылыннылар.
Үбүлүөйдээх сыл үгүс культурнай-спортивнай тэрээһиннэр, общественнай хамсааһыннар кэмэ суох ыытылыннылар. Ол курдук, кулун тутар ый 17 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Б.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар бүтүн нэһилиэгинэн киирэн биир дойдулаахтарбытын кытта истиҥ көрсүһүүгэ «Уус утума» быыстапка тэрийэн, Саха тыйаатырын сыанатыгар 50-тан тахса эр дьон кыттыылаах «Күөртээх Күөрдэмнэр» тимир уустарыгар анаммыт дьүһүйүү туруоран — нэһилиэк күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээбиппит. Бэс ыйын 17-18 күннэригэр, Күөрдэм сирин бэс чагданан ханыыламмыт күөх хонуутугар, дьон-сэргэ үтүө уос номоҕор киирбит, икки күннээх Үбүлүөйдээх Үрүҥ-Тунах ыһыах ыһыллыбыта.
Самартай саҕаттан салҕаммыт, Дьоҕуудай кэмиттэн тэнийбит, 2-с Дьөппөн нэһилиэгин удьуор уустара, халыҥ аймахтара ол сахтартан — бүгүҥҥу күҥҥэ диэри тугу улэлээн-хамнаан, хайдах — туох олоҕу олорон кэлбиттэрин, ааспыт сыллар арҕастарын туһунан кэпсиир «Күөрдэм» кинигэ «Бичик» национальнай кинигэ кыһатыгар таҥыллан, бэчээттэнэн күн сирин көрөн, үбүлүөйдээх сыл дьоһун бэлэҕэ буолла. «Күөрдэм» кинигэ 399 сирэйдээх, 500 экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу кинигэ матырыйаалын хомуйуутугар, таҥыытыгар үлэлэспит дьоммут, тумус туттар биир дойдулаахтарбыт, ахсынньы ый 5 күнүгэр кинигэ сүрэхтэниитин киэһэтигэр кинигэни аахпыт дьон санааларын истэн, туох итэҕэс-быһаҕас баарын ырытыһан, биир санаанан үлэлэрин туйгуннук сыаналаппыттара.
Нэһилиэк үбүлүөйүн кытта сиэттиһэ, Күөрдэмнээҕи норуодунай тыйаатыр төрүттэммитэ 20 сылын туолла. Ахсынньы ый 23 күнүгэр, Күөрдэмнээҕи норуодунай тыйаатыр 20 сылын бэлиэтиир дьоһун-мааны дьоро киэһэтигэр тыйаатыр бэтэрээн артыыстара, Хаҥалас улууһун култууратын уонна духуобунай сайдыытын саламтата, Нөмүгү уонна Өктөм норуодунай тыйаатырдарын делегацията, араас сылларга үлэлээбит дьоммут кыттыыны ылбыттара. Нэһилиэк уопсай мунньаҕынан уонна депутаттар быһаарыыларынан, Күөрдэмнээҕи норуодунай тыйаатырга СӨ култууратын туйгуна, бастакы режиссер, тыйааатыры төрүттээччи Л.Я.Гермогенова аата үөрүүлээх быһыыга-майгыга иҥэрилиннэ.
Ахсынньы ый 23 күнүгэр биһикпитин ыйаабыт, төлкөбүтүн түстээбит үтүө-мааны дойдубут 250 сылын түмүктүүр үөрүүлээх дьоро киэһэ «Ситим» култуура киинигэр ыытылынна. Бу күн бары биир дойдулаахтарбыт, ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт дьоһун-мааны бэлиэ кун өрөгөйүн үллэстэн, үтүө киэһэни атаардылар.
Бу дьоро киэһэни аҕа баһылык А.Н.Константинов арыйда, нэһилиэгин дьонугар – сэргэтигэр махтанан туран үбүлүөйдээх сыл араас культурнай-спортивнай тэрээһиннэригэр, нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылааттарын уурсубут биирдиилээн дьоҥҥо, ону тэҥэ, үлэһит коллективтарга көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин бочуот грамоталарын, махтал суруктарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
2-с Дьөппөн нэһилиэгин Дьокуускайдааҕы уонна Покровскайдааҕы түмсүүлэрэ төрөөбүт-үөскээбит, үөрэммит-үлэлээбит түөлбэлэрин кытта ситимнэрин быспакка, хайа баҕар тэрээһиҥҥэ, үлэҕэ-хамнаска күүс – көмө буоллаллар. Дойдубут дьонун ханна да тиийдэрбит киэн тутта ааттыыбыт, хайа да быһыыга — майгыга кинилэр өйөбүллэринэн эрэх-турах сананабыт. Ол курдук, түмсүүлэрбитин чорботон бэлиэтээн туран, Покровскайдааҕы түмсүүгэ (сал.Скрябина Н.Ф.) уонна Дьокуускайдааҕы түмсүүгэ (сал. Киприянов М.А.) махтал суруктар, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Ону сэргэ, нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан махтал суруктары туттулар: АО «Республикатааҕы инвестиционнай хампаанньыйа» (РИК) (ген.дир.Алексеев П.В.), ХЭО «ЛенаТрансСтрой» (дир.Прокопьев Е.К.), «Бичик» национальнай кинигэ кыһата (дир.Егоров А.В.), «Союз Ханалас» общ.түмсүү (сал.Яковлев Ю.Д.).
АО «Республикатааҕы инвестиционнай хампаанньыйа» (РИК) дириэктэрин солбуйааччыта Аммосов И.Н. Күөрдэм дьонугар-сэргэтигэр үтүө баҕа санааларын эттэ, үлэлээбит баһылыкпытыгар А.А.Варламовка туһаайан истиҥ тыллары тириэртэ, үбүлүөйдээх сыл бары ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ.
«Бастыҥ баай – киһи». Күүрүүлээх, күргүөмнээх үлэ үөһүгэр ситиһиилээхтик айар-тутар дьоммутунан киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Нэһилиэк культурнай, спортивнай, общественнай үлэтин салайар, көҕүлүүр, тэрийсэр төрөөбүт түөлбэбит олоҕун актыбыыстарыгар, түмсүүлээх, көхтөөх үлэһит коллективтарыгар, бастыҥ туруу үлэһит дьоммутугар, сыл түмүгүнэн «Сыл бастыҥнара» анал номинациялары туттарыы церемонията дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.
Ол курдук:
«Сыл бастыҥ тэрилтэтэ» — «Ситим» култуура киинин коллектива;
«Сыл бастыҥ салайааччыта» — уон ордугуна икки сыл устата, үс болдьоххо, дьонун-сэргэтин итэҕэлин ылан нэһилиэкпит сайдар кэскилин туһаайбыт, олохпут оҥкулун оруннаабыт, сатабыллаахтык салайбыт, билигин ыраах Нерюнгри оройуонун баһылыгын солбуйааччытынан үлэлии-хамныы сылдьар – Варламов А.А.;
«Сыл бастыҥ спортсмена» — 8 № — дээх Күөрдэмнээҕи баһаарынай чаас байыаһа, гиревик Самсонов Ф.Д.;
«Сыл бастыҥ түмсүүтэ» — «Холумтан» нэһилиэк уран тарбахтаахтарын түмсүүтэ (сал.Киприянова Д.С.);
«Сыл бастыҥ устудьуона» — М.Аммосов аат.ХИФУ юридическай факультетын устудьуона Власенко Алена;
«Түөлбэ бастыҥ салайааччыта» — «Аргыс» түөлбэ салайааччыта Решетникова И.И.;
«Сыл бастыҥ ыанньыксыта» — «Сайдыы» тыа хаһаайыстыбатын потреб.кооперативын ыанньыксыта Федорцова М.Н.;
«Сыл бастыҥ сылгыһыта» — 30-ча сыл тохору сылгыһыттаабыт, ытык сылгыһыт Лебедев Л.Д.;
«Сыл бастыҥ оҕуруотчута» — үлэ бэтэрээнэ Дмитриева Е.Н.;
«Сыл бастыҥ ыччата» — «Күрүлгэн» нэһилиэк ыччатын түмсүүтүн лидера Поисеева М.В.;
«Сыл бастыҥ үлэһитэ» анал ааттары туттулар:
- Спиридонова М.Р., Е.Туласынова аат. «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын асчыта
- Григорьева А.М., 2-Дьөппөн орто оскуолатын история учуутала
- Власенко В.В., 2-Дьөппөннөөҕү врачебнай амбулатория суоппара
- Скрябин К.С., 2-Дьөппөннөөҕү уот ситимин учаастагын электромонтера
- Скрябин Е.Е., Күөрдэмнээҕи 8 №-дээх баһаарынай чаас начальнига
- Иванова А.Я., «Ситим» култуура киинин дириэктэрэ
- Никитин И.И., 2-Дьөппөннееҕү олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын учаастагын дизелиһэ
- Исаков П.Р., Оҕо спортивнай оскуолатын 2-Дьөппөннөөҕү салаатын тренера
Ону таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бааһынай хаһаайыстыбатын уонна тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарын Ассоциациятын аатыттан Самсонов А.А. «СӨ үтүөлээх фермера» бочуот знага туттарылынна, «Нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэни Е.Туласынова аат. «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Михайлова Н.А.тутта. Үөрэҕирии эйгэтигэр өр сыллаах бэриниилээх үлэтин иһин «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын үлэһитэ Спиридонова М.Р. Хаҥалас оройуонун үөрэҕириитин саламтатын бочуот грамотата туттарылынна. Нэһилиэк бэтэрээннэрин түмсүүтүн салайааччытыгар Попова С.С. Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһаары утары государственнай сулууспатын махтал суруга уонна да үгүс наҕараадалар бэйэлэрин дьоруойдарын буллулар.
Бу киэһэ ырыа-тойук түьүлгэтин кыайа тутан, бар дьоммут өрөгөйдөөх күннэрин киэргэттилэр: 2-Дьөппөн орто оскуолатын коллектива, үнкүүһүт-ырыаһыт талааннаах оҕолорбут, «Сугулаан» бэтэрээн эр дьон ансаамбыла, «Ситим» култуура үлэһиттэрин ансаамбыла, «Алгыс» бэтэрээннэр бөлөхтөрө, Галина Иванова – Айтыына Уран, Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтарбыт -Екатерина Попова, Наталья Артемьева.
Бу үтүө – кэрэ күн төлкөлөөх түһүлгэтигэр төбүрүөннээн түмсүбүт көрүөх-билэ дьоммутугар, нэһилиэкпит дьоһун-мааны үлэһит дьонугар саҥа үүнэр 2018 сыл үтүмэн үгүс ситиһиини аҕаллын, алгыстаах айар аартыктары арыйдын диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
“Үйэ-саас күн сыдьаай сырдыгын
Көрүөхтэн төннүөхпэр диэритин,
Мин манна олорон ааспыппын
Дьолум диэн киэн тутта этиэҕим!”
(Ю.Потапов-Саргын)
Иванова А.Я., Күөрдэм