19 января 1874 года в центре Восточно-Кангаласского улуса, в Рассолоде, была построена первая школа в нынешнем Мегино-Кангаласском улусе. Этот день мы отмечаем как день основания образования в нашем улусе.

  • Главная
  • Новости
  • 19 января 1874 года в центре Восточно-Кангаласского улуса, в Рассолоде, была построена первая школа в нынешнем Мегино-Кангаласском улусе. Этот день мы отмечаем как день основания образования в нашем улусе.

Сегодня мы отдали дань памяти видному деятелю своего времени — голове Восточно-Кангаласского улуса Герасиму Ивановичу Соловьеву, возложив цветы к его памятнику в знак благодарности и уважения.

В этот день в музей Рассолодинской школы вручена виртуальная карта, созданная специалистами IT-куба, которая рассказывает о развитии образовательной системы в Мегино-Кангаласском улусе.

Также с 19 по 31 января этого года запланированы различные мероприятия, приуроченные к 150-летию образования в нашем улусе. В программе — открытые разговоры, встречи с ветеранами-учителями, выставка в знак уважения к профессии Учителя, а также акции и круглые столы.

1874 сыл тохсунньу 19 күнүгэр
оччотооҕу кэмҥэ Илин Хаҥалас улууһун киинигэр Ороссолуодаҕа улууспут бастакы оскуолата арыллыбыта. Бу күн улууспутугар үөрэҕирии төрүттэммит күнүн бэлиэтиибит.

Бүгүн улууспутугар үөрэҕирии төрүттэниитигэр дьоһун оруоллаах — улууспут бастакы оскуолатын үбүлээн туттарбыт, 2-с Тыыллыма нэһилиэгиттэн төрүттээх Илин Хаҥалас улууһун кулубата Герасим Иванович Соловьев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран, киниэхэ махталбытын, ытыктабылбытын, сүгүрүйүүбүтүн биллэрдибит.

Бэлиэ күҥҥэ IT -куб үлэһиттэрэ оҥорбут Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕириитин ситимин сайдыытын кэпсиир виртуальнай карта Ороссолуода оскуолатын түмэлигэр туттарылынна. Сиһилии картаны https://мк-обр150.рф сигэнэн киирэн билсиэххэ сөп.

Бүгүҥҥү күнтэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри улууспут үөрэҕириитин 150 сылын түмүктүүр араас тэрээһиннэр былааннаналлар. Ол курдук, аһаҕас дьоһуннааҕы кэпсэтиилэр, бэтэрээн үлэһиттэри кытта көрсүһүүлэр, Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйэн быыстапкалар, аахсыйалар, төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *