Тохсунньу 25 күнүгэр 2025 с.» Ситим’ КК Саргылана Семёновна Фёдорова — Саргылана Сайын үбүлүөйдээх 55 сааһыгар «Мин аптаах көһүйэм» диэн бэһис кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
«… Бырдьа бытык чачыгырыыр, Чаалы чанчык күлэр-үөрэр.
Олох айар оһох суоһар,
Аптаах көһүйэм оргуйар,
Аһа-үөлэ бидилийэр…» диэн
хоһоонун тылларынан поэзия киэһэтэ саҕаланна. Бу киэһэ үөрүүнү үллэстэ ыраахтан чугастан үмүөрүһэн кэлбит ыалдьыттар көмүс саксофон Дмитрий Павлов тэтимигэр уйдаран тыл абылаҥнаах аанын арыйан Саргылана Сайын кинигэтин түһүмэхтэринэн ыалдьыттаатылар. Аймахтарын оҕолорун ыалдьыттарын кытта билистилэр. 1 түһүмэх Сиэн Чээннэрбэр диэн ааттанан сиэннэргэ анаммыт тус хоһооннор, оҕоҕо сөптөөх айымньылар түмүллүбүттэр. Иккис түһүмэх — Хоһоон кынатыгар уйдаран
..диэн сүрэхтэнэн хоһоон психотерапиятыгар анаммыт. Кинигэ үһүс түһүмэҕэ Махтал хоһоонноро дэнэн Орто дойдуга олорортон, баартан дьоллонуох диэн санааны саҕар . Бу киэһэ олус истиҥ-иһирэх тыллар этилиннилэр, «Ситим».ансаамбыл ырыалара дьиэрэйдилэр. Холобура суох хоһоон хоһулунна. Дьокуускайтан «Иэйии!» КСТ (Афанасьев И.И.- Алмаас).» Айар кут» региональнай литературнай түмсүү (Тимофеева З.Д.- Кэкэрдэ). Покровскайтан «Өлүөнэ долгуннара» ( Колесова Л.Н.) Күөрдэмтэн ‘Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр» (Федорова С.С; Иванова,Г.И) ону тэҥэ бу күн маанылааҕа Саргылана Сайын студеннаабыт дьүөгэлэрэ клиническэй,психологтар, оскуолатааҕы доҕотторо, киэҥ аймахтара эҕэрдэ эриэккэһин, тыл бастыҥын анаатылар. Хоһоон кинигэтэ халыҥ тастанан , сүүстэн тахса илиистэнэн «Алаас» издательствоҕа аҕыйах ахсаанынан таҕыста. Кинигэ сотору кэминэн электроннай вариана улуус библиотекатын нөҥүө тарҕаныа.