Кулун тутар 3 күнүгэр Римма Романовна Жиркова Хаҥалас улууһугар саха тылын сайыннарыыга, үйэтитиигэ туох үлэ- хамнас бара турарын билсиһэ кэлэ сырытта. Күн иккис аҥарыгар салалта 2-Дьөппөн нэһилиэгэр ыалдьыттаата. Роберт Константинович Захаров аатынан «Самыртай» музей – комплекс дьиэтин үлэтин билистэ, үгүс сүбэ –ама биэрдэ. «Ситим» КК киинигэр 2 Дьөппөн нэһилиэгин тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта көрүстэ. Төрөөбүт тылы сайыннарыыга, үөрэтиигэ, оҕону сахалыы иитиигэ туох кыһалҕалар баалларын туоһуласта. Бу тула нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ тохтоото. «Туллукчаан» оҕо саадын иитиллээччилэрин оҥорбут дидактическай матырыйаалларын, оскуолаҕа ыытыллар уол оҕону иитиигэ араас хабааннаах, музей уонна библиотека кыттыгастаах тэрээһиннэри, сайыҥҥы лааҕыры, “Туруук хайа” туристическай база үлэтин биһирээтэ. Эр дьоҥҥо аналлаах нэһилиэк тэрээһиннэрин сэргээтэ. Сайыҥҥы кэмҥэ ыытыллыахтаах “Бетоннай скульптура” фестивалыгар болҕомтотун хатаата. Нэһилиэк олоҕо көхтөөхтүк тэриллэрин бэлиэтээтэ. Уонна төрөөбүт тылы сайыннарыыны тэҥэ нуучча тылын тэҥҥэ тутан үлэлэһэрбитигэр сүбэлээтэ. Ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ болҕомто ууран, улахан бырайыак суруйарбытыгар тылын — өһүн тириэртэ.
Саргылана Федорова.