Сааскы таммахтар

Кулун тутар 18 күнүгэр Күөрдэмҥэ  «Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр» литературнай түмсүү  көҕүлээһининэн «Сааскы таммахтар» диэн поэзия күнүгэр аналлаах хоһоон түһүлгэтэ ыытылынна.

            Бу күннэргэ Покровскайга “Иэйиим кустуктара”, “Дууһам иэйиитин ойуулаан кэпсиибин”  диэн кинигэлэрин  сүрэхтээбит, Дьөппөнтөн төрүттээх Лариса Ивановна Далбараева – Далбар  хоһоон хонуутун арыйда. Далбар кинигэлэрин ис тутула  сиппит – хоппут. Автор ийэтигэр, эдьийигэр, сиэннэригэр, оҕолоругар, дьүөгэлэригэр, учууталыгар Антонина Павловнаҕа анабыллар, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитигэр, 2- Дьөппөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Акулина Михайловнаҕа, «Самыртай» музей үлэһиттэригэр Матрена Иннокентьевнаҕа, Февронья Ивановнаҕа анаабыт хоһоонноро үгүстэр. Кинигэни Далбар авторскай хаартыскалара, уруһуйдара ситэрбиттэр. Үгүс киһи үлэҕэ кыттыспыта, биир санаалаах кинигэ тахсыбыта көстөр. Лариса Ивановна биир дойдулаахтарыгар-  “Айар талааҥҥытын арыйан иһиҥ, туохтан да толлумаҥ, суруйан- хомуйан иһиҥ», — диэн сүбэтин тириэртэ. Кинигэлэрин, бэйэ сылаас илиитинэн оҥорбут сувенирдарын бэлэх уунна.   Түмсүү чилиэннэрэ, “Ситим” КК  үлэһиттэрэ Далбар хоһооннорун аахтылар, автор ааҕыытыгар айымньыларын билистилэр. Хоһоон түһүлгэтин Анастасия Лебедева иһирэх хоһоонноро киэргэттилэр. Анастасия Иннокентьевна эмиэ оскуола саҕаттан хоһоон суруйан саҕалаабытын, хоһооннорунан туолбут хас да тэтэрээттээҕин сэһэргээтэ.  Олус истиҥ хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ. Анастасия Иннокентьевна чочуллубут хоһоонун оҕолоро, сиэннэрэ, күтүөттэрэ видеоэрээт таҥан сэргэхсэттилэр.  Дьоро күнү  Наталья Климентова, Саргылана Сайын, Айтыына Уран хоһооннорунан, видеоларынан тупсардылар.   Наталья Николаевна Климентова, алын сүһүөх учуутала- “…үксүгэр үлэбэр туттаары хоһоон суруйабын. Хас биирдии оҕону кытта үлэлэһэргэ, оҕо талаанын арыйарга үгүс бириэмэ, сэниэ барар. Ол гынан баран айылҕаҕа сырыттахпына, итинник хоһоон тыла кэлэр курдук”- диэн санаатын эттэ. Саргылана Сайын түөрт хоҺооннорун кинигэлэрин билиһиннэрдэ, Дьүөгэлэринээн хоһоон ааҕан иһитиннэрдэ. Уонна бары мустан хоһоон фестивалын ыытарга бэлэмнэниэҕиҥ диэн ыҥырда.  Айтыына Уран, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, оҕо суруйааччыта этэринэн: «Хоһоон айыллыытын  мин үс көрүҥҥэ араарабын, сакаас хоһооннор, кимиэхэ эмит  анаан – минээн айыллыбыт айымньылар, иккис көрүҥ- ис дууһаттан иэйии киирэн айыллар хоһооннор уонна этиттэрии хоһооннор, бэйэҥ билбэккинэн даҕаны,  кутулла турар хоһоон тыла бөҕө кэлэр, бу маннык хоһооннору сороҕор, баттаһан суруйбакка хаалыаххын сөп. Онон бэйэни иһиллэнэ үөрэниэххэ эмиэ наада курдук» диэн санаатын үллэһиннэ.

Дьэ, бу курдук үөрүүлээх түгэни үллэстээри “Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр” олус ис киирбэх тэрээһини ыыттылар. Түмүгэр Айтыына Уран тылларыгар уонна мелодиятыгар «Ньургуһуннар»диэн ырыаны бары төгүрүччү ис сүрэхтэн астынан туран  толордулар, бэйэ- бэйэҕэ үтүөнү баҕардылар, махтаннылар.

Саргылана Федорова, «Ситим» КК дириэктэрэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *