Аан дойдуга Аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн А.М.Сидорова аат. «Ситим » култуура киинигэр бэрт диэн сэргэх валяние ньыматынан «Харысхал» оҥоһукка маастар кылаас буолла.Маастар кылааһы ыытта Е.В.Туласынова аат. «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын иитээччитэ Екатерина Николаевна Леонтьева. Валяние ньыматын сырдатта, кэлбит дьон бэйэлэрин илиилэринэн «Харысхал» оҥостон астынан тарҕастылар.

