https://sitim.kultura14.ru/die-kergen-k-n-nen-e-erdeliibit-nam-uluu-un-olohtoo-o-potapov-yurij-vasilevich-sargyn-surujaachchy-bejiet-ho-oonun-aa-yn-sergee-ba-arabyn-ba-arabyn-bu-sirgetaptal-oloh-baar-buollun-ijem-a-am-micheere/
ДЬИЭ КЭРГЭН КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭЛИИБИТ!Нам улууһун олохтооҕо Потапов Юрий Васильевич - Саргын суруйааччы, бэйиэт хоһоонун ааҕын, сэргээҥ!БАҔАРАБЫН.Баҕарабын бу сиргэТаптал, олох баар буоллун,Ийэм-аҕам мичээрэӨссө тупсан киэркэйиэн.Баҕарабын уол оҕоЧэгиэн-чэбдик буолуоҕун,Сүгэ тутан, мас суоранДьиэтин-уотун туттуоҕунБаҕарабын кыыс оҕоМэлдьи кэрэ буолуоҕун,Ийэ буолар аналынКэргэн тахсан булуоҕун.Баҕарабын ыал аайыОҕо элбии туруоҕун,Күлэ-үөрэ, мэниктииТоһугуруу сүүрүөҕүн.Баҕарабын Ийэ сирСэрии диэни умнуоҕун,Өлүү-сүтүү бар дьонуОлох тумнан ааһыаҕын.1996 с., тохсунньу 11 к., Арбын